Суукка иһигэр 68 тыһ тахса га иэннээх икки ойуур баһаарын умуруордулар Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 68 279 га уопсай иэннээх икки ойуур баһаара умуруорулунна. Баһаардар Мииринэй уонна Орто Халыма улуустарыгар умуруоруллубуттар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ кылаабынай лесничэйэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Суукка саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ 52 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Уопсайа 127 926 гектардаах аҕыс ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэр салҕаналлар. Уоту утары Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй улуустарыгар охсуһаллар. Бүгүн Кэбээйи улууһугар умуруорууга үлэлиир күүстэр уонна сириэстибэлэр бөлөхтөрүн хаҥатар былааннанар. Ойуур баһаардарын умуруорууга барыта 469 киһи уонна 34 тиэхиньикэ тардылынна. Бүлүү бөлөх улуустарыгар хонтуруолга сылдьар зонаҕа баар ойуур баһаардарыттан сылтаан буруо бэлиэтэниэн сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube