НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Ил Дархан успуорт бэтэрээнэ Михаил Друзьянов салааны сайыннарыыга көҕүлээһиннэрин өйөөтө Субуотаҕа Ил Дархан Айсен Николаев успуорт бэтэрээнэ, Саха сирин Успуорт албан аатын түмэлин дириэктэрэ Михаил Друзьяновы кытта көрүстэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэйэтин социальнай ситимнэригэр иһитиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ успуорду сайыннарыы туһунан интэриэһинэй уонна ис хоһоонноох кэпсэтии таҕыста диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Кинилэр оскуола уонна устудьуон успуордун, успуорт төрүт көрүҥнэрин уонна көҥүл тустууну, ону тэҥэ саха успуордун баай устуоруйатын харыстааһыны дьүүллэстилэр. Улахан болҕомтону Саха сирин Успуорт албан аатын түмэлигэр уонна өрөспүүбүлүкэ чулуу спортсменнарын уонна тириэньэрдэрин үйэтитиигэ уурдулар. «Кинилэр ааттарын, ситиһиилэрин уонна успуорду сайыннарыыга киллэрбит кылааттарын эдэр көлүөнэлэр билиэхтээхтэр, бу улахан суолталаах. Михаил Егорович өр сыллар усталарыгар өрөспүүбүлүкэ успуордун устуоруйатын харыстааһынынан дьарыктанар, онон кини уопута уонна этиилэрэ салгыы үлэбитигэр хайаан да учуоттаныахтара. Саха успуорда мэлдьи дьонунан-сэргэтинэн уонна үтүө үгэстэринэн күүстээх буолар. Бу нэһилиэстибэни кичэллээхтик харыстыахпыт уонна биһиги спортсменнарбыт саҥа ситиһиилэнэллэригэр усулуобуйалары бииргэ оҥоруохпут», — диэн Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K17 Aug 04:2310 Nov 22:0680017 Aug 04:23: 0 views10 Nov 22:06: 800 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
17 Aug 2026, 04:230
10 Nov 2026, 22:06800

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.