НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🌿🍃Сунтаарга отунан хааччыллыы уонна үүт былаанын улаатыннарыы Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Анисимов тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Сахайаана Павлованы уонна тустаах департаменнар салайааччыларын кытта үлэлэһэн, улуус иннигэр турар сытыы боппуруостары дьүүллэстилэр. Мунньах сүрүн тиэмэтинэн быйылгы уустук сылга отунан хааччыллыы уонна үүтү туттарыы хааччаҕын улаатыннарыы буолла. Быйылгы дьыл Сунтаар улууһугар ураты элбэх ардахтаах турда. Онон сиэттэрэн, намыһах сирдэргэ баар уонна үгүс бастыҥ оттуур ходуһалар ууга былдьаннылар. Салалта бэлиэтииринэн, маны хаһаайыстыбалар бэйэлэрин күүстэринэн эрэ кыайар кыахтара суох, от былаана туолбат кутталланна. Мунньах кэмигэр улуус хаһаайыстыбалара кыстыкка отунан толору хааччыллалларын туһугар өрөспүүбүлүкэ таһымыттан эбии үп көрүүтүн боппуруоһун көтөхтүлэр. Иккис суолталаах боппуруоһунан үүтү тутуу былаана буолла. Бигэргэтиллибит былаанынан Сунтаар улууһа быйыл 5335 туонна үүтү туттарыахтаах. Бу хааччаҕы Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕар олоҕуран, өссө 1600 туоннанан улаатыннарар туһунан кэпсэтии ыытылынна. Бу көрдөрүү олоххо киирдэҕинэ, Сунтаар улууһун үүт туттарааччылара эбии үбүлээһини ылар уонна үлэлэрин кэҥэтэр кыахтаныахтара. Улуус салалтата уонна министиэристибэ бэйэ-бэйэни өйдөһөн, тыа сирин үлэһит дьонун өйүүр туһугар биир ситимнээх үлэни салгыы ыытарга сөбүлэстилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

05001K17 Aug 09:1210 Nov 22:0696517 Aug 09:12: 0 views10 Nov 22:06: 965 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
17 Aug 2026, 09:120
10 Nov 2026, 22:06965

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.