⛽️Дьокуускайга «СибОйл» заправкаларыгар саҥа хааччахтары киллэрдилэр Киин куоракка «Сибойл» хампаанньа заправкаларыгар саҥа хааччахтары олохтоото. Ол курдук, АИ-92 бэнсиини сыһыарыынан атыылыыры тохтоттулар. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр. Аны билигин АИ-92 уонна АИ-95 мааркалаах бэнсиинэри уматык каартатынан эрэ атыылаһыахха сөп. Ыйыллыбыт мааркалаах уматыктар уу харчынан, баан каартатынан, сыһыарыынан атыыламматтар. Окружной суол аттыгар турар заправкаҕа АИ-92 мааркалаах бэнсиини сыһыарыы көмөтүнэн атыылаһыахха сөп, канистраҕа куттарар эмиэ көҥүллэнэр. Ол эрээри билигин сууккаҕа 20 лиитирэлээх хааччах киирэн турар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube