НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%711 avg views
Posting 21.4/day last 26 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 9 ноября (пн.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Аал луук мас 12+ 15:45-Дойдум дьоно 12+ 16:00-Саха суола 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Сэмсэ санаа 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Суол. Уһун айан суоппардарын күрэһэ 12+ 21:45-Якутия в деталях 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Сэмсэ санаа 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Хантан хааннаахпытый 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  2. 🌐«Айсен Николаевтыын бииргэ» биэриини көрүҥ Бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, «Россия 24» телеханаалга «Вместе с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ. Биэрии бүгүн 19:00 чаастан «Россия 24» телеханаалга көстөр. ГТРК «Саха» анал бырайыагар өрөспүүбүлүкэ баһылыгын оробуочай түгэннэрэ, мунньахтара, улуустарга сырыылара, нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүлэрэ кэпсэнэр. Бүгүҥҥү биэриигэ Москваҕа ыытыллыбыт «Народы России» бүтүн Россиятааҕы форум, Айсен Николаев Олег Кожемяконы кытта көрсүһүүтэ уонна Дьокуускайга буолбут антифашистскай форуму көрдөрүөхтэрэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  3. 🏆💐«Айхал» киинэ уонна артыыстара IX-с ЯМКФ көрөөччүлэр куоластааһыннарын үс номинациятыгар кыайбыттар Норуоттар икки ардыларынааҕы IX-с киинэ бэстибээлигэр көрөөччүлэр онлайн куоластааһыннарын түмүгэ билиннэ. Саха бастыҥ киинэтинэн режиссер Дьулусхан Андросов «Айхал» киинэтэ буолла. Бу киинэҕэ оонньообут Эрхан Слепцов уонна Ильяна Павлова «Бастыҥ эр киһи оруола» уонна «Бастыҥ дьахтар оруола»номинацияларга бастакы миэстэлэри ыллылар. Куоластааһын алтынньы 20 күнүттэн сэтинньи 5 күнүгэр диэри анал мобильнай сыһыарыыга ыытылынна. Манна уон саха киинэтэ, тоҕус актер уонна аҕыс актриса киирбиттэрэ. Көрөөччүлэр үс номинация хас биирдиитигэр биирдии куолаһы биэриэхтэрин сөп этэ. «Бастыҥ саха киинэтэ» номинацияҕа бастакы миэстэни «Айхал» (1 819 куолас), иккис миэстэни «Тойон баай кыһыл көмүһэ: геолог дневнигэ» (1 624 куолас), үһүс миэстэни «Мэхээлэчээн булчут» (568 куолас) ыллылар. «Бастыҥ эр киһи оруола» номинацияҕа бастакы миэстэни Эрхан Слепцов «Айхал» киинэҕэ оруолун иһин (1 065 куолас), иккис миэстэни Федот Львов «Мэхээлэчээн булчут» киинэҕэ оруолун иһин (590 куолас), үһүс миэстэни Дмитрий Баишев «Күүлэй» киинэҕэ оруолун иһин ылла (272 куолас). «Бастыҥ дьахтар оруола» номинацияҕа бастакы миэстэни Ильяна Павлова «Айхал» киинэҕэ оруолун иһин (1 436 куолас), иккис — Евгения Шамаева «Тойон баай кыһыл көмүһэ: геолог дневнигэ» киинэҕэ оруолун иһин (437 куолас), үһүс — Саина Семенова «Күүлэй» киинэҕэ оруолун иһин ыллылар (335 куолас). Хаартыска: интэрниэт ситимиттэн nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  4. 🌾🐮🥛Чурапчы улууһугар оҥорон таһаарыы сыла көдьүүстээхтик барда. Манна биир дьоһун үлэ тыа хаһаайыстыбатыгар ыытылынна. Саҥа хотоннору тутуу, эт, үүт бородууксуйатын дэлэтии былааннаахтык барар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  5. 🧊Тыа сирин олохтоохторугар кыстыкка киириигэ түбүк үгүс, олортон биирдэстэрэ муус ылыыта буолар. Бэрдьигэстээххэ олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн аҕам саастаах дьоҥҥо, СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр муус ылыытыгар улахан субуотунньук тэрийдилэр. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  6. ✍️📜Суруналыыстыка эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, «Честь, достоинство и профессионализм» диэн Россия суруналыыстарын сойууһун үрдүкү бэлиэтин туһааннааҕа Николай Александрович Крылов быйыл 80 сааһын туолла. 💐Ытыктыыр киһибитин «Харах далыгар» биэриигэ ыҥырдыбыт. Биэриини бүгүн 14:30 ч. сэргээн көрөргүтүгэр ыҥырабыт! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. 📺🌈САХА СУОЛА. САХА СҮРЭ 🐴☀️Өбүгэбит Күн Дьөһөгөй Айыы диэн үҥэр-сүктэр таһымҥа таһаарбыт сылгыта аны САХА СҮРЭ буолар аналланыа дуо? Хас биирдиибит кыттыгастаах буолар "СҮР" Акционернай уопсастыба хайдах үлэлиэй? Сылгыбыт өлөн бараммыт мамоннарга туох сыһыаннааҕый? "САХА СУОЛУГАР" Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимнэрин Акадьыамыйатын бэрэсидьиэнэ Леонид ВЛАДИМИРОВЫ истиҥ. 🔔🌞 Сэтинньи 8 күнэ, өрөбүл 🔔⏰ Сарсыарда 10:30 ч. 🔔 Хатылааһына: сэтинньи 9 күнэ, бэнидиэнньик,16:00 ч. 🔔 Биэрии "Саха" НКИХ сэлэһэр ситимнэригэр киириэҕэ. 💜🤝Биллэриини бөлөхтөрүгэр тарҕаппыт дьоҥҥо барҕа махтал😍🫶🏼 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. Программа ТВ НВК "Саха" на 8 ноября (вс.) 06:00-Мы вам покажем 12+ 06:30-Геван 12+ 07:00-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+ 07:45-Үлэ дьоно 12+ 08:30-Саха итэҕэлэ 12+ 09:00-Истиҥ илдьит 6+ 09:15-Кинолетопись Якутии 12+ 09:45-Парламентский вестник 12+ 10:00-Полярная звезда 6+ 10:30-Саха суола 12+ 11:30-Города и реки 6+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Үлэ дьоно 12+ 12:45-Репортаж 12+ 13:00-Кэм кэрэһитэ 12+ 13:30-Якутия. День за днем 12+ 14:30-Харах далыгар 12+ 15:30-"Сардаана" муода тыйаатырын 30 сылыгар аналлаах дьоро тэрээһин 12+ 17:30-Геван 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Истиҥ илдьит 6+ 18:30-Кавказский поход 12+ 19:00-Үрдэл 12+ 20:00-Серафим кэнсиэрэ 12+ 21:00-День за днем 12+ 22:00-Сэргэх 12+ 22:30-Харах далыгар 12+ 23:30-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+ 00:15-Кэнсиэр 6+ 02:15-Саха суола 12+ 3:15-Кэм кэрэһитэ 12+ 03:55-Дойдум дьоно 12+ 04:15-Күрэс 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. 🏡Мэҥэ Хаҥалас улууһугар хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан тутуу үлэтэ тэтимнээхтик барар. Бырагыраама улууска үлэлиэҕиттэн ыла 900-тэн тахса ыал саҥа дьиэҕэ көстө. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  10. repost

    Идэһэ - важная часть жизни и культуры народа саха. С приходом первых холодов семьи собираются в родных селах, чтобы вместе заготовить мясо на зиму. В такие дни особенно чувствуется связь поколений: старшие передают свой опыт, младшие учатся, а за общим столом собирается вся семья. В этот раз день забоя украсило необычное природное явление - гало. Вокруг солнца появилось светящееся кольцо, и это стало особенным моментом, который удалось запечатлеть. Спасибо всем землякам, кто круглый год заботится о скоте и сохраняет традиции животноводства. Ваш труд позволяет и сегодня иметь на столе свое, родное якутское мясо. Кэтэһиилээх идэһэ кэминэн! Сахабыт Сирин бары муннуктарыгар дьон сыл устата сиир эттэрин хаһаанан эрэллэр. Бэйэбит дойдубут этэ миинньигэс уонна иҥэмтиэлээх буолар. Онон ынах-сылгы иитэр дьоммутугар туруу үлэҕит иһин барҕа махталбын биллэрэбин, доруобуйаны, күүһү-уоҕу, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу, байылыат олоҕу баҕарабын! max.ru/aisen_nikolaev

  11. 🎬Ил Дархан Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлин кыттыылаахтарын кытта көрүстэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев IX Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлин кыттыылаахтарын кытта оробуочай көрсүһүүнү ыытта. Култуура сылыгар Дьокуускай Россия араас регионнарыттан, ону тэҥэ Мексикаттан, Монголияттан, Кытайтан, Японияттан, Кыргызстантан кинематографистары түмтэ. Ыалдьыттар саха киинэтин үрдүктүк сыаналаатылар. «Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Наталья Мокрицкая хас биирдии хартыына көрөөччү сэҥээриитин ылбытын туһунан эппиттин олус үөрэ иһиттим. Ыалдьыттар бэстибээлгэ кыттыбыттарын, биһиги кинематографистарбытын кытта уопут үллэстэргэ бэлэмнээхтэрин иһин махтанабын», – диэн Ил Дархан эттэ. Бэстибээл кэккэ көрдөрүүлэннэ. «Сахафильм» Индия партнердарын кытта бииргэ киинэ оҥорон таһаарары сөбүлэҥҥэ илии баттаста. Былаан быһыытынан Саха сиригэр Индия киинэтин усталлара күүтүллэр. Кытайдары кытта киинэ көрдөрүү технологиятын уонна инвестицияны дьүүллэстилэр. Кыргызстан кинематографистарын кытта уопсай бырайыактары кэпсэттилэр. «Бэстибээл киинэ эйгэтигэр улахан үлэ тахсарыгар төһүү буолара наада. Олохтоох киинэ сайдыытын салгыы өйүөхпүт. Инникитин – Дьокуускай киинэ павильонун тутуута», - диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Аны кэлэр сылга онус үбүлүөйдээх Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлэ тэриллиэҕэ. Оттон от ыйыгар Global Entertainment Market диэн норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах ураты тэрээһин ыытыллара былааннанар. Кини киинэни, анимацияны, оонньууну, музыканы түмүөҕэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  12. 🫵🏻«Тур түргэнник! Билигин участковай кэлиэ...» «Омоон суоллар» сериалы НВК «Саха» мобильнай сыһыарыытыгар көрүөххэ сөп. НВК «Саха» сыһыарыытын App Store уонна Google Play маҕаһыыннартан хачайдаа: 📲App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA-%D1%81%D0%B0%D1%85%D0%B0/id6447428114 📲Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha&hl=ru Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  13. 📻Бүгүн Саха Араадьыйатын күнэ! 96 сыл анараа өттүгэр аан бастаан Саха араадьыйата саҥарбыта. 1930-с сыллар ортолоругар өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар Дьокуускайтан биэриилэри хабар араадьыйа ситимэ тардыллыбыта. Саха араадьыйатын үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин үбүлүөйдээх сылгытынан, бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиибит. Инники үлэҕитигэр ситиһиилэри, эрэллээх истээччилэри, интэриэһинэй, киэҥ сиринэн тарҕанар эфирдары баҕарабыт! nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  14. 🍃🌿Анемподист Софронов-Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар. Лоп курдук 30 сыл анараа өттүгэр Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон сорудаҕынан оҥоһуллубут Анемподист Софронов-Алампа туһунан “Саха” телевидениетыгар бастакы телевизионнай уочарка. Сэтинньи 7 күнүгэр субуотаҕа күнүс 12 чаас 15 мүнүүтэҕэ, хатылааһына, сэтинньи 9 күнүгэр бэнидиэнньиккэ күнүс 15 чааска көстүөҕэ. Истэн сэргэҕэлээ, көрөн дуоһуй дуу күндү көрөөччүбүт. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  15. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 7 ноября (сб.) 06:00-Мы вам покажем 12+ 06:30-Геван 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Истиҥ илдьит 6+ 09:25-Репортаж 12+ 09:45-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+ 10:30-Кэрэ кэпсээн 6+ 11:30-Уус сатабыла 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Аал луук мас 12+ 13:00-Хантан хааннаахпытый? 12+ 13:30-Саха Сирэ. Күнтэн күн 12+ 14:30-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 17:30-Геван 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Истиҥ илдьит 6+ 18:45-Репортаж 12+ 19:00-"Чолбон" сурунаал төрүттэммитэ 100 сылыгар. "Дьикти саас" уус-уран киинэ 12+ 20:45-Саха литературатын "куолаһа" - Кирилл Семенов 12+ 21:00-Саха Сирэ. Күнтэн күн 12+ 22:00-"Ырыа ыллыгынан сулустардыын" кэнсиэр 12+ 00:00-Айар-тутар Сахам Сирэ! 6+ 00:45-"Маска" студия танцевального искусства 6+ 02:15-Кэрэ кэпсээн 6+ 03:15-Хантан хааннаахпытый? 12+ 04:15-Уус сатабыла 12+ 04:45-Дойдум дьоно 12+ 05:03-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  16. 🚌Кириэстээх оскуолата саҥа оптуобустанна Сэтинньи 5 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Сунтаар улууһун И. Г. Спиридонов аатынан Кириэстээх политехническай орто оскуолатыгар саҥа ГАЗ-А66R33 (GAZelle NEXT) 16 миэстэлээх оптуобуһу туттарда. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. «Өр кэтэспит баҕа санаабыт туоларыгар күүс-көмө буолбут Сунтаарбыт улууһун Аҕа баһылыгар Анатолий Григорьевка, Сунтаар улууһун үөрэҕириитин салайааччытыгар Борис Васильевка барҕа махталбытын биллэрэбит, маны таһынан Дьокуускай куоракка автобус күлүүһүн ылан, турар сирин, миэстэтин булларбыт дьоммутугар Станислав Саввиновка уонна Семен Глухаревка сахалыы баһыыбабытын биллэрэбит», – диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Тымныыга аналлаах киэҥ-куоҥ автобус оҕолорго куттала суох айанныыр буолууну хааччыйыаҕа уонна араас олимпиадаларга, спорт куоталаһыыларыгар, быыстапкаларга ситиһиилээхтик сылдьалларыгар улахан тирэх буолара саарбаҕа суох. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  17. Сарсын Дьокуускайга сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт Күнү-дьылы кэтээн көрөр ыстаансыйа иһитиннэрэринэн сэтинньи сэттэ күнүгэр Дьокуускайга -24°С кыраадыс буолара күүтүллэр. «Улахан сөҥүү суох, арҕааттан тыал сөкүүндэҕэ 1-3 миэтэрэ түргэннээхтик үрүөҕэ. Түүн -29-31°С, күнүс-22-24°С», — диэн сабаҕалааһыҥҥа этиллэр. Билигин өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар -26°С бэлиэтэнэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. 👮🏻‍♂️«Саҥа участковай кэллэ... Олорор сиргин уларыт! Тоҕо бөһүөлэккэ кэлэ тураҕын?» «Омоон суоллар» сериалы НВК «Саха» мобильнай сыһыарыытыгар көрүөххэ сөп. НВК «Саха» сыһыарыытын App Store уонна Google Play маҕаһыыннартан хачайдаа: 📲App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA-%D1%81%D0%B0%D1%85%D0%B0/id6447428114 📲Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha&hl=ru Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  19. 👍🏻Аллыҥаҕа ийэ тыл тула үс чаастаах кэпсэтии тэрилиннэ Сунтаар «Ийэ тыл» түмсүүтэ «Ийэ тылы өрө тутар айан» диэн бырайыакпытын Аллыҥаттан саҕалаатыбыт. Урукку кэмҥэ «Билии» уопсастыба нэһилиэнньэҕэ сырдатар үлэни ыытар буоллаҕына, бу сырыыга биһиги түмсүү төрөөбүт тылбытын харыстыыр, салгыы саргылыыр сыаллаах көрсүһүүлэри, аһаҕас кэпсэтиилэри тэрийэр баҕалаахпыт. Ол чэрчитинэн Аллыҥаҕа тиийбиппит култуура киинэ саҥа буспут алаадьытынан, үүттээх чэйинэн олус истиҥник көрүстэ. Көрсүһүүгэ отучча буолан элбэҕи кэпсэттибит, арааһы таарыйдыбыт. Ол курдук, олохтоох кыыспыт Марианна Поскачина аан тылы арыйан миэхэ тыл биэрдэ. Манна ийэ тыл тула туох ханнык үлэни ыыта сылдьарбытын, тыҥаан турар кыһалҕалары, ону хайдах быһаарыахтаахпытын туһунан иһитиннэрии оҥордум. Ол кэннэ эбэ кыһатын үлэлэтэр, култуура бэтэрээнэ Зинаида Иванова сомоҕо домохтору кэпсээн, оонньуу оонньотон, эбэ сиэнигэр суолтатын туһунан иһитиннэрдэ. Бөлөхпүт эр бэрдэ доруобуйа харыстабылын үлэһитэ Иннокентий Степанов чэгиэн буоларга сүбэлэри кэккэ дьиэ кэргэнигэр сахалыы доргуччу ааҕыы тэриллэрин кэпсээтэ. Оттон үөрэҕирии салалтатын үлэһитэ Александра Павлова оҕону төрөппүт тылыгар уһуйууга, иитиигэ үлэлэри иһитиннэрдэ, сүбэлэри биэрдэ. Аллыҥа дьоно биһиги кэлэрбитигэр эмиэ бэлэмнэнэн төрөөбүт тылы харыстыырга олус элбэх үлэни тэрийэ сылдьалларын иһитиннэрдилэр. Надежда Иванова - култуура үлэһитэ оҕолоругар сахалыы эйгэни тэрийэрин, араас тэрээһиннэри тиэмэнэн кыайа тутарын сэргээтибит, «Чөмөрүк» диэн оҕолорго эбии дьарык тэрийэрин болҕойон иһиттибит. Лилия Сергеева - уһуйаан иитээччитэ хоһоон айар, араас бырайыактары олоххо киллэрэр эбит. Наталья Антонова - оскуола үлэһитэ оҕону сахалыы иитиигэ түмэлтэн саҕалаан, сахалыы эйгэни тэрийии, сахалыы тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллалларын кэпсээтэ. Любовь Уарова - саха тылын учуутала оҕолору төрүт үгэскэ чугаһатан иитиигэ болҕомто туһаайылларын, муҥха, балыктааһын ыччакка олус туһалааҕын эттэ. Татьяна Григорьева - оскуола үлэһитэ, саха тылын учуутала төрүт тыл күннэригэр оҕолору көҕүлээн үчүгэйдик үөрэммиккэ, күрэскэ кыайбыакка кумааҕы чорооннору биэртэлээн тэрээһин түмүгэр бу чорооннорунан минньигэһинэн күндүлэнэллэрин, оҕолорго төрүччүлэрин оҥорторон эрэллэрин астына иһиттибит. Баһылык Кирилл Марков сүрэҕэлдьээбэккэ саха клавиатуратын туруорунуохха, дифтуоннарбытын, сахалыы буукубаларбытын умнумуохха диирэ сөп этии. Елена Степанова - омук тылын учуутала өйтөн суруйууга оҕо элбэҕи ааҕар эрэ буоллаҕына үчүгэйдик суруйар диир, Анна Фёдорова - учуутал «ҥ» дорҕооммутун сүтэрэн эрэбит диирэ оруннаах, аны 1 кылааска саха тылыгар икки эрэ чаастаахпыт, оттон нуучча тыла сэттэ чаас диэн билиһиннэрдэ. Мотрёна Амонова - математика учуутала урут төрүт култуура, Кыыс Куо, Үрүҥ Уолан уруоктар элбэх билиини биэрэллэрэ диир, кини ырыа алыптаах эйгэтэ диэн эбии дьарыктаах эбит. Августина Иванова - кулууп дириэктэрэ барыта төрөппүттэн тутулуктааҕын, кини оҕотунаан сахалыы кэпсэтэрэ, үөрэтэрэ улахан олук диэн күүстээх этиинэн көрсүһүүбүт сэһэргэһиитэ түмүктэннэ. Ол кэннэ Марианна сахабыт тылыгар сыһыаннаах викторина тэрийдэ. Ол түмүгүнэн Леонид Попов аатынан киин бибилэтиэкэ хайҕал суруктарын Анна Федорова, Анастасия Никифорова уонна Елена Степанова ыллылар. Бу көрсүһүү сүрүн тутулунан "Ийэ тыл" түмсүү Аллыҥатааҕы салаатын салайааччытынан Надежда Иванованы анаатыбыт. Бу айаммытыгар көмө буолбут улууспут баһылыгын солбуйааччытыгар Мирослав Ивановка, суоппарга Андрей Соловьёвка махтанабыт! Аны кэлэр сырыыбыт Кириэстээххэ буоллун дэстибит😉 ИЙЭ ТЫЛЫ ӨРӨ ТУТУОХХА! Сунтаар "Ийэ тыл" түмсүүтүн салайааччыта Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  20. Older posts