🏆💐«Айхал» киинэ уонна артыыстара IX-с ЯМКФ көрөөччүлэр куоластааһыннарын үс номинациятыгар кыайбыттар Норуоттар икки ардыларынааҕы IX-с киинэ бэстибээлигэр көрөөччүлэр онлайн куоластааһыннарын түмүгэ билиннэ. Саха бастыҥ киинэтинэн режиссер Дьулусхан Андросов «Айхал» киинэтэ буолла. Бу киинэҕэ оонньообут Эрхан Слепцов уонна Ильяна Павлова «Бастыҥ эр киһи оруола» уонна «Бастыҥ дьахтар оруола»номинацияларга бастакы миэстэлэри ыллылар. Куоластааһын алтынньы 20 күнүттэн сэтинньи 5 күнүгэр диэри анал мобильнай сыһыарыыга ыытылынна. Манна уон саха киинэтэ, тоҕус актер уонна аҕыс актриса киирбиттэрэ. Көрөөччүлэр үс номинация хас биирдиитигэр биирдии куолаһы биэриэхтэрин сөп этэ. «Бастыҥ саха киинэтэ» номинацияҕа бастакы миэстэни «Айхал» (1 819 куолас), иккис миэстэни «Тойон баай кыһыл көмүһэ: геолог дневнигэ» (1 624 куолас), үһүс миэстэни «Мэхээлэчээн булчут» (568 куолас) ыллылар. «Бастыҥ эр киһи оруола» номинацияҕа бастакы миэстэни Эрхан Слепцов «Айхал» киинэҕэ оруолун иһин (1 065 куолас), иккис миэстэни Федот Львов «Мэхээлэчээн булчут» киинэҕэ оруолун иһин (590 куолас), үһүс миэстэни Дмитрий Баишев «Күүлэй» киинэҕэ оруолун иһин ылла (272 куолас). «Бастыҥ дьахтар оруола» номинацияҕа бастакы миэстэни Ильяна Павлова «Айхал» киинэҕэ оруолун иһин (1 436 куолас), иккис — Евгения Шамаева «Тойон баай кыһыл көмүһэ: геолог дневнигэ» киинэҕэ оруолун иһин (437 куолас), үһүс — Саина Семенова «Күүлэй» киинэҕэ оруолун иһин ыллылар (335 куолас). Хаартыска: интэрниэт ситимиттэн nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube