🎬Ил Дархан Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлин кыттыылаахтарын кытта көрүстэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев IX Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлин кыттыылаахтарын кытта оробуочай көрсүһүүнү ыытта. Култуура сылыгар Дьокуускай Россия араас регионнарыттан, ону тэҥэ Мексикаттан, Монголияттан, Кытайтан, Японияттан, Кыргызстантан кинематографистары түмтэ. Ыалдьыттар саха киинэтин үрдүктүк сыаналаатылар. «Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Наталья Мокрицкая хас биирдии хартыына көрөөччү сэҥээриитин ылбытын туһунан эппиттин олус үөрэ иһиттим. Ыалдьыттар бэстибээлгэ кыттыбыттарын, биһиги кинематографистарбытын кытта уопут үллэстэргэ бэлэмнээхтэрин иһин махтанабын», – диэн Ил Дархан эттэ. Бэстибээл кэккэ көрдөрүүлэннэ. «Сахафильм» Индия партнердарын кытта бииргэ киинэ оҥорон таһаарары сөбүлэҥҥэ илии баттаста. Былаан быһыытынан Саха сиригэр Индия киинэтин усталлара күүтүллэр. Кытайдары кытта киинэ көрдөрүү технологиятын уонна инвестицияны дьүүллэстилэр. Кыргызстан кинематографистарын кытта уопсай бырайыактары кэпсэттилэр. «Бэстибээл киинэ эйгэтигэр улахан үлэ тахсарыгар төһүү буолара наада. Олохтоох киинэ сайдыытын салгыы өйүөхпүт. Инникитин – Дьокуускай киинэ павильонун тутуута», - диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Аны кэлэр сылга онус үбүлүөйдээх Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлэ тэриллиэҕэ. Оттон от ыйыгар Global Entertainment Market диэн норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах ураты тэрээһин ыытыллара былааннанар. Кини киинэни, анимацияны, оонньууну, музыканы түмүөҕэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube