🚌Кириэстээх оскуолата саҥа оптуобустанна Сэтинньи 5 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Сунтаар улууһун И. Г. Спиридонов аатынан Кириэстээх политехническай орто оскуолатыгар саҥа ГАЗ-А66R33 (GAZelle NEXT) 16 миэстэлээх оптуобуһу туттарда. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. «Өр кэтэспит баҕа санаабыт туоларыгар күүс-көмө буолбут Сунтаарбыт улууһун Аҕа баһылыгар Анатолий Григорьевка, Сунтаар улууһун үөрэҕириитин салайааччытыгар Борис Васильевка барҕа махталбытын биллэрэбит, маны таһынан Дьокуускай куоракка автобус күлүүһүн ылан, турар сирин, миэстэтин булларбыт дьоммутугар Станислав Саввиновка уонна Семен Глухаревка сахалыы баһыыбабытын биллэрэбит», – диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Тымныыга аналлаах киэҥ-куоҥ автобус оҕолорго куттала суох айанныыр буолууну хааччыйыаҕа уонна араас олимпиадаларга, спорт куоталаһыыларыгар, быыстапкаларга ситиһиилээхтик сылдьалларыгар улахан тирэх буолара саарбаҕа суох. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube