👍🏻Аллыҥаҕа ийэ тыл тула үс чаастаах кэпсэтии тэрилиннэ Сунтаар «Ийэ тыл» түмсүүтэ «Ийэ тылы өрө тутар айан» диэн бырайыакпытын Аллыҥаттан саҕалаатыбыт. Урукку кэмҥэ «Билии» уопсастыба нэһилиэнньэҕэ сырдатар үлэни ыытар буоллаҕына, бу сырыыга биһиги түмсүү төрөөбүт тылбытын харыстыыр, салгыы саргылыыр сыаллаах көрсүһүүлэри, аһаҕас кэпсэтиилэри тэрийэр баҕалаахпыт. Ол чэрчитинэн Аллыҥаҕа тиийбиппит култуура киинэ саҥа буспут алаадьытынан, үүттээх чэйинэн олус истиҥник көрүстэ. Көрсүһүүгэ отучча буолан элбэҕи кэпсэттибит, арааһы таарыйдыбыт. Ол курдук, олохтоох кыыспыт Марианна Поскачина аан тылы арыйан миэхэ тыл биэрдэ. Манна ийэ тыл тула туох ханнык үлэни ыыта сылдьарбытын, тыҥаан турар кыһалҕалары, ону хайдах быһаарыахтаахпытын туһунан иһитиннэрии оҥордум. Ол кэннэ эбэ кыһатын үлэлэтэр, култуура бэтэрээнэ Зинаида Иванова сомоҕо домохтору кэпсээн, оонньуу оонньотон, эбэ сиэнигэр суолтатын туһунан иһитиннэрдэ. Бөлөхпүт эр бэрдэ доруобуйа харыстабылын үлэһитэ Иннокентий Степанов чэгиэн буоларга сүбэлэри кэккэ дьиэ кэргэнигэр сахалыы доргуччу ааҕыы тэриллэрин кэпсээтэ. Оттон үөрэҕирии салалтатын үлэһитэ Александра Павлова оҕону төрөппүт тылыгар уһуйууга, иитиигэ үлэлэри иһитиннэрдэ, сүбэлэри биэрдэ. Аллыҥа дьоно биһиги кэлэрбитигэр эмиэ бэлэмнэнэн төрөөбүт тылы харыстыырга олус элбэх үлэни тэрийэ сылдьалларын иһитиннэрдилэр. Надежда Иванова - култуура үлэһитэ оҕолоругар сахалыы эйгэни тэрийэрин, араас тэрээһиннэри тиэмэнэн кыайа тутарын сэргээтибит, «Чөмөрүк» диэн оҕолорго эбии дьарык тэрийэрин болҕойон иһиттибит. Лилия Сергеева - уһуйаан иитээччитэ хоһоон айар, араас бырайыактары олоххо киллэрэр эбит. Наталья Антонова - оскуола үлэһитэ оҕону сахалыы иитиигэ түмэлтэн саҕалаан, сахалыы эйгэни тэрийии, сахалыы тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллалларын кэпсээтэ. Любовь Уарова - саха тылын учуутала оҕолору төрүт үгэскэ чугаһатан иитиигэ болҕомто туһаайылларын, муҥха, балыктааһын ыччакка олус туһалааҕын эттэ. Татьяна Григорьева - оскуола үлэһитэ, саха тылын учуутала төрүт тыл күннэригэр оҕолору көҕүлээн үчүгэйдик үөрэммиккэ, күрэскэ кыайбыакка кумааҕы чорооннору биэртэлээн тэрээһин түмүгэр бу чорооннорунан минньигэһинэн күндүлэнэллэрин, оҕолорго төрүччүлэрин оҥорторон эрэллэрин астына иһиттибит. Баһылык Кирилл Марков сүрэҕэлдьээбэккэ саха клавиатуратын туруорунуохха, дифтуоннарбытын, сахалыы буукубаларбытын умнумуохха диирэ сөп этии. Елена Степанова - омук тылын учуутала өйтөн суруйууга оҕо элбэҕи ааҕар эрэ буоллаҕына үчүгэйдик суруйар диир, Анна Фёдорова - учуутал «ҥ» дорҕооммутун сүтэрэн эрэбит диирэ оруннаах, аны 1 кылааска саха тылыгар икки эрэ чаастаахпыт, оттон нуучча тыла сэттэ чаас диэн билиһиннэрдэ. Мотрёна Амонова - математика учуутала урут төрүт култуура, Кыыс Куо, Үрүҥ Уолан уруоктар элбэх билиини биэрэллэрэ диир, кини ырыа алыптаах эйгэтэ диэн эбии дьарыктаах эбит. Августина Иванова - кулууп дириэктэрэ барыта төрөппүттэн тутулуктааҕын, кини оҕотунаан сахалыы кэпсэтэрэ, үөрэтэрэ улахан олук диэн күүстээх этиинэн көрсүһүүбүт сэһэргэһиитэ түмүктэннэ. Ол кэннэ Марианна сахабыт тылыгар сыһыаннаах викторина тэрийдэ. Ол түмүгүнэн Леонид Попов аатынан киин бибилэтиэкэ хайҕал суруктарын Анна Федорова, Анастасия Никифорова уонна Елена Степанова ыллылар. Бу көрсүһүү сүрүн тутулунан "Ийэ тыл" түмсүү Аллыҥатааҕы салаатын салайааччытынан Надежда Иванованы анаатыбыт. Бу айаммытыгар көмө буолбут улууспут баһылыгын солбуйааччытыгар Мирослав Ивановка, суоппарга Андрей Соловьёвка махтанабыт! Аны кэлэр сырыыбыт Кириэстээххэ буоллун дэстибит😉 ИЙЭ ТЫЛЫ ӨРӨ ТУТУОХХА! Сунтаар "Ийэ тыл" түмсүүтүн салайааччыта Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube