
🪄🎡Хаартыскаҕа Дьокуускай куорат култуура уонна сынньалаҥ паарката nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission

🪄🎡Хаартыскаҕа Дьокуускай куорат култуура уонна сынньалаҥ паарката nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Сэтинньи 4 күнүгэр Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бэлиэтэнэр. Бу ытык күн суолтатын видеоҕа көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Тыл үөрэҕин билимин дуоктара, профессор, академик РФ уонна СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ Петр Алексеевич Слепцов улахан быһаарыылаах тылдьытын туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн уһуллубут видеоҕа көрүҥ Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: https://igi.ysn.ru/btsja/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Москваҕа «Россия норуоттара» аан дойдутааҕы форум үлэтин саҕалаата. Манна Айсен Николаев салайааччылаах Саха сирин делегацията кыттар. Ил Дархан пуорум дьыалабыай бырагырааматын чэрчитинэн туһаайыытыгар Арктика эргимтэтэ геополитическай суолтата аан дойдуга үрдүү турарын, Саха сиригэр 135 норуот бииргэ, эйэ-дэмнээхтик олорор уопутун атын регионнары, дойдулары кытта атастаһарга бэлэмин бэлиэтээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саха сирэ «Молодежная столица России — 2027» куонкурус иккис түһүмэҕэр бэлэмнэнэр Дьокуускай куорат «Молодёжная столица России — 2027» ааты ылар куонкуруска финалга тахсыбыт уон куорат иһигэр киирдэ. Бастакы сүүмэрдиир түһүмэх түмүгүнэн, Саха сирин киинэ бу бочуоттаах аат иһин охсуһуутун салгыыр уонна билигин россиятааҕы куонкурус иккис түһүмэҕэр көхтөөхтүк бэлэмнэнэр. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
😊👍🏻Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүн өйүүр бырагырааммаҕа кыттарга докумуоннарын хомуйан туттарар тиһэх күннэрэ чугаһаатылар. Уон сыл үлэлээбит бырагыраамма көрдөрүүтэ олус үчүгэй. Туһаммыт нэһилиэктэр тэтимнээхтик сайдаллар nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
IX Норуоттар икки ардыларынааҕы Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлин чэрчитинэн «Айтматов» биографическай киинэ сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Хартыына сэтинньи 5 күнүгэр «Лена» киинэ тыйаатырыгар 19:00 чаастан көстүөҕэ. Киинэ туһунан Чингиз Айтматов уола Эльдар Чингизович Айтматов кэпсээтэ. Сиһилии видеоҕа көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🎙️«Үрдэл-2026»: Чурапчы улууһуттан төрүттээх Туналхан улахан ырыаһыттары кытта биир бырайыакка кыттар чиэскэ тиксибититтэн үөрэр. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Центр подготовки операторов БПЛА Готовим операторов беспилотников с 2023 года. Курс длится 7-14 дней, занятия ведут инструкторы с опытом СВО. Что в программе: - симулятор и реальные вылеты на полигоне - тактика и работа в расчёте - тактическая медицина и первая помощь - основы взрывотехники и безопасность - сборка и обслуживание дронов По окончании все наши курсанты получают диплом государственного образца. Сайт: войска-бпс.рф/ Телефон: +7 (966) 379-0-379 «ЯКУТИЯ: ВСЁ ПРО СВО»: https://max.ru/yakutiavseprosvo
🏢🏗️Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн 13 кыбартыыралаах саҥа дьиэ тутуутун бастакы сыбаайата сахалыы сиэринэн-туомунан түһэрилиннэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🎙️«Үрдэл-2026»: Ирена Файрушина Үрдэлгэ кыттыбатаҕа икки сыл буолбут. «Тыһыынчаннан үрүмэччи» диэн ырыатын Муома улууһуттан Виталий Старков бэлэх ууммут. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🎙️«Үрдэл-2026»: Айаана быйыл Үрдэлгэ бастакытын кыттар. Кини олоҕор араас ыарахаттары көрсөн «Мин кыайыам» диэн ырыаны суруйбут. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
СОНУННАР Хаҥалас улууһугар Чараҥҥа Эбэ күөлгэ Покровскай куорат дьаһалтатын уонна «Эргис» аҕа сүбэтин тэрийиилэринэн муҥха буолла. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK



+2
🤩👏Уус Алданнар аан дойдутааҕы тимир уустарын быыстапкатыгар Москва куоракка алтынньы 29 күнүттэн сэтинньи 2 күнүгэр дылы «КЛИНОК. Традиции и современность» 53-с төгүлүн аан дойдутааҕы тимир уустарын быыстапката буолла. Саха сириттэн барыта 30 тахса тимир ууһа, олор истэригэр ювелирдар делегация састаабыгар киирэн кыттыыны ыллылар. Уус Алдан улууһуттан бу быыстапкаҕа, тимир уһаарыытыгар, быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттыыны ыллылар: Дьокуускай куораттан биир дойдулаахтара, СӨ тимир уустарын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, РФ уонна СӨ норуотун маастара, аан дойдутааҕы статустаах хомус ууһун маастара, РФ тимир уустарын сойууһун чилиэнэ, ЮНЕСКО иһинэн киирбит РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Готовцев-Мындыр Уус, Уус Алдан улууһун норуотун маастара Илья Готовцев, Хоро нэһилиэгиттэн СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Иван Петров уонна Найахы нэһилиэгиттэн СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Иван Румянцев. Саха сирин тимир уһаарар хамаандатын иһигэр Уус Алдан улууһуттан Роман Готовцев, Иван Петров, Иван Румянцев саха норуотун тимири уһаарыы төрүт ньыматын көрдөрөн, дойдубут тэбэр сүрэҕэр, икки күнү былаһын оһохторун оҥорон, тимир уһааран таһаардылар, элбэх дьон интэриэһин тартылар. «ЗАРУБА» быһахтары тургутуу, араас хайысхаларынан быһахтарга анаммыт күрэхтэр дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар. Саха тимир уустарын маастарыстыбаларын, оҥоһуктарын көрөөрү үгүс дьон бу күннэргэ сырытта. «КЛИНОК. Традиции и современность» 53-с аан дойдутааҕы быыстапкаҕа «Короткий кухонный нож» (120*170 мм.) анал аакка «Авторский нож» категорияҕа 1 миэстэни Илья Готовцев ылла. Тимир уустарын кытта РФ Судаарыстыбыннай Думатын депутата Петр Шамаев көрүстэ. Матрена Герасимова, «Олоҥхо дьиэтэ» этно-култуурунай киин исписэлииһэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🥰🎥«ТАПТАЛЫ ЭРЭЙЭР СҮРЭХТЭР» СЕРИАЛ «Саҥа күн» биэриигэ Эрсан оруолун толорооччу Василий Бубякин уонна Кристина оруолун толорооччу Галина Румянцева ыалдьыттаатылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
👍Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын кэрэ аҥаар учууталлара күһүҥҥү сынньалаҥҥа сахалыы ыйдары бэлиэтиир олбохтору тигэн бүтэрдилэр Тускулаана. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
💍Тааттаҕа ЗАГС саҥа дьиэҕэ киирдэ nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
АМАН ӨС Өс хоһооннорун, сомоҕо домохтору күннээҕи олоххор тутта үөрэн 😉 "Аман өс" бүгүҥҥү быһаарыытын көтүтүмэ☝️ 🎙️Тускул Федоров ааҕар. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
💠🌐«ОЛОҤХО БАТТЛ» КҮРЭС «Саҥа күн» биэриигэ «Кэрэмэс Олоҥхоһут» Амматтан Егор Никифоров, «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» Бүлүүттэн Сайыына Шамаева, итиэннэ «Кылаан чыпчаал» аат хаһаайына Мэҥэ Хаҥаластан Марфа Аммосова ыалдьыттаатылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 3 ноября (вт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Харах далыгар 12+ 15:45-Актуальное интервью 12+ 16:00-Геван 12+ 16:30-Кэм кэрэһитэ 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Сонуннар 12+ 18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Олох үөһүгэр 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-Үлэ дьоно 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Олох үөһүгэр 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Үлэ дьоно 12+ 04:37-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube