🎼Сунтаарга түөлбэ олохтоохторо музыкальнай күрэххэ кииристилэр Алтынньы ыйы ырыа-тойук доҕуһуоллаах тэрээһининэн түөлбэ олохтоохторо атаардылар. Сыл устата Сунтаар нэһилиэгин олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн ыытыллар «Лучший ТОС-2026» күрэс чэрчитинэн «Хомустаах» түөлбэ көхтөөх олохтоохторо, салайааччы Елена Винокурова олус интириэһинэй, сонун тэрээһини «Партизан» култуурнай киин үлэһиттэрин кытта тэрийдилэр. Бу иннигэр «Абаҕа» түөлбэ «Абаҕаҕа сандал саас», «100 лет ЯАССР» төрүт оҕунан ытыы, «Сомоҕо» өбүгэ оонньуутун, «Табыс» кэрэтийии (преображение) бырайыак ыыппыт эбит буоллахтарына Хомустаахтар саамай музыкальнай түөлбэни быһаардылар. Ол курдук, хас биирдии түөлбэ биэс киһилээх хамаанда туруоран, биэс араас түһүмэххэ күөн көрүстүлэр. Бастакы түһүмэххэ хамаандалар музыкальнай викторинаҕа сөптөөх эппиэти хоруйдаан бэриллибит былаанкаҕа толордулар. Иккис түһүмэх «Угадай эмодзи» ол эбэтэр аныгылыы смайлик бэлиэлэринэн ырыа аатын таайыы, үһүс «Музыкальная головоломка» манна араас тиэмэлэргэ баалларынан ырыа кистээбиттэр, ырыа аатын, ким толорорун хоруйдаатылар. Төрдүс түһүмэх ыҥырыылаах ыалдьытынан, Хомустаах түөлбэ көхтөөх олохтооҕо Сунтаардааҕы музыкальнай оскуола ырыа салаатын уһуйааччыта Юлия Филиппова арахсыбат доҕорун, синтезаторын илдьэ кэлэн ноталарынан кистэммит ырыалары үс куруук сахалыы, нууччалыы, омуктуу тыаһатан таайтарда. Сөптөөх хоруйу Юлия синтезаторга тыаһатан, нарын-намчы куолаһынан ыллаан иһитиннэрдэ. Урут күөх экран нөҥүө «Угадай мелодию» сөбүлээн көрөр күрэс курдук олус тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Саамай бүтэһик түһүмэх «Караоке баттл» ол эбэтэр хамаанданан бэриллибит ырыаны үрдүк таһымҥа, тэҥҥэ, сөпкө ыллаан күрэхтэстилэр. Бу курдук ураты тэрээһин түмүгүнэн Number One ТОС «Абага» 146 сыанабылы ылан бастаата, «суши доставка» тэрилтэтиттэн набор бэлэх тутта. Квинтет ТОС «Сомоҕо» 141,5 сыанабылы ылан иккис миэстэ буолла, минньигэс тортунан наҕараадаланна. Үһүс миэстэ Манчаарылаах ТОС «Табыс» 117,5 сыанабылы ылан «Fishka» доставка пиццатынан наҕараадаланнылар. Сонуну суруйда: Л. Тертюхова, 30.10.2026 nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
3.0%708 avg views
Posting
21.5/day
last 44 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 4 Nov 2026, 06:10 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 754 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.