Күүкэйгэ ийэлэри сэргэхситэр араас тэрээһиннэр буолан аастылар Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр Ийэ уонна Аҕа декадатын чэрчитинэн араас интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол курдук, «Шкаф добра», «Гаражная распродажа» аахсыйалар уонна маастар-кылаастар буоллулар. «Матери России» хамсааһын чилиэнэ Валентина Егоровна бэргэһэ тигиитин билиһиннэрдэ, выкройка түҥэттэ. Бэйэтэ тиктэн кэтэ сылдьарын көрдөрдө, сиэн кыыһыгар эмиэ тикпит. Илбииһит, уйулҕаһыт Валентина Сергеевна доруобуйаҕа туһалаах бородууксуйатын билиһиннэрдэ, тэттик сүбэлэри чэгиэн сылдьарга сүбэлээтэ. Сардана Ильинична минньигэс туортарын атыылаата. Ийэлэр араас астары, бэрэскиилэри, быар тортары, тууһаммыт балык, хайах, таҥас-сап, сахалыы киэргэллэри атыылаатылар. «Шкаф добра» аахсыйаҕа кыттыспыт Дария Николаевнаҕа дьаһалта, оскуола, кулууп үлэһиттэригэр «Матери России»аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Кулууп дириэктэрэ Айыына Дмитриевна спонсордарга махтал сурук, сэмэй бэлэхтэри туттартаата. Светлана Попова иһитиннэриитэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube