НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%708 avg views
Posting 21.5/day last 45 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

👏Таатта ытык кырдьаҕаһа Анна Соловьева Ил Дархан «Үйэ саас» бэлиэтин тутта Сэтинньи 3 күнүгэр Таатта улууһун бочуоттаах гражданина, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, педагогическай династия баһылыга Анна Николаевна Соловьеваны олус дьоһуннаах уонна үтүө күнүнэн – 100 саастаах сүдү үбүлүөйүнэн – улуус салалтата уонна уопсастыбаннаһа тиийэн эҕэрдэлээтилэр. Ытык кырдьаҕаска СӨ Ил Дархана Айсен Николаев аатыттан аналлаах «Үйэ саас» бэлиэтин уонна улуус баһылыгын эҕэрдэ суругун Таатта улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Руслан Захаров үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Анна Николаевна – үйэ тухары олорбут олоҕо Саха сирин сайдыытын историятын чаҕылхай сирэйэ буолар. Аҕа дойду Улуу сэриитин уустук сылларыттан саҕалаан, үөрэҕирии, култуура уонна олохтоох хаһаайыстыба сайдыытыгар 44 сыл устата сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Учууталынан, совхоз каадырын иниспиэктэринэн, парткабинет сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ону тэҥэ нэһилиэк депутатынан, дьахталлар уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччытынан уопсастыбаннай олоххо куруук инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Уус Таатта оскуолатын бастыҥ выпускниктарыгар олохтообот анал истипиэндьийэтинэн эдэр ыччаты өйүүр үтүө үгэстээх. Ийэ быһыытынан «Ийэ албана» I, II, III истиэпэннээх мэтээллэринэн, СӨ Бэрэсидьиэнэ «Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэтинэн уонна «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

02505007504 Nov 02:3410 Nov 22:067334 Nov 02:34: 0 views10 Nov 22:06: 733 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
4 Nov 2026, 02:340
10 Nov 2026, 22:06733

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.