👍Сунтаардааҕы оҕо библиотеката оҕолору Ийэ тылга иитэр дьарык тэрийдэ Бу сайын бибилэтиэкэ 10 күннээх оҕону төрөөбүт тылын таптыырга үөрэтэр лааҕыр тэрийбитэ. Ону үгүс оҕо сөбүлээн иккистээн кэлбиттэр эмиэ бааллар. Аны бу күһүҥҥү сынньалаҥҥа өссө тэрийэллэрэ буоллар диэн эбэлэр, «Ийэ тыл» түмсүүтүн этиилэрин ылынан 3 күннээх дьарык тэрийэн саҕалаатылар. Оҕо элбэх, сарсыарда кэлэн сахалыы доргуччу аахпытынан бараллар, онтон сахалыы сэһэргэһии кинилэри кэтэһэр, саха оонньуута өрө көтөҕүллэр, саха остуоруйатын истии олохтонор. «Оҕолор биллэ эбиллэллэр», - диэн бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ олус үөрэ санааларын үллэстэллэр. Тускулаана. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
3.0%708 avg views
Posting
21.5/day
last 44 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 4 Nov 2026, 03:15 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 765 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.