НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%706 avg views
Posting 21.7/day last 28 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. ❗️Чурапчыга ыал тэлгэһэтигэр бэдэр киирбит Чурапчы сэлиэнньэтин Молодежнай түөлбэтигэр Флегонтова уулусса өттүгэр бэдэр киирбит, ону Мындаҕаайы суолун диэки үүрбүттэр, ол эрээри төннүөн сөп. Ол иһин оҕолору таһырдьа таһаарымаҥ, олохтоохтор сэрэхтээх буолуҥ диэн сэрэтэллэр! nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  2. edited

    Дьокуускайга Матвей Мучины кытта бырастыылаһыы сиэрэ-туома буолуоҕа Алтынньы 30 күнүгэр 09.15 чаастан Дьокуускай куоракка Дьокуускайдааҕы билим киинигэр өрөспүүбүлүкэ биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, Саха АССР ХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин норуодунай депутата, Доҕордоһуу уордьан, «Полярная звезда» уордьан, «Во славу и на пользу республики» СӨ бочуоттаах бэлиэтин, В.Н. Татищев аатынан «За пользу Отечеству» уордьан, «Гражданская доблесть» туйгун бэлиэтин кавалера, А.Е. Кулаковскай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ норуодунай хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай билим хандьыдаата, РСФСР норуодунай үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай гражданскай сулууспатын туйгуна, хайыһарынан сүүрүүгэ ССРС спордун маастарыгар хандьыдаат, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Санкт-Петербург куорат Петровскай уокуругун, Төҥүлү, Нөөрүктээйи, Баатара нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина Матвей Мучины тиһэх суолугар атаарыы сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Аадырыһа: Дьокуускай к., Петровскай уул., 2. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр Матвей Мучины тиһэх суолугар атаарыы тэрээһинэ алтынньы 30 күнүгэр 16.30 чаастан Тырааныспар техникумугар буолуоҕа. Аадырыһа: Аллараа Бэстээх б., Ленин уул., 40/1. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах сэлиэнньэтигэр Матвей Мучины кытта бырастыылаһыы сиэрэ-туома алтынньы 31 күнүгэр 10.00 чаастан тэриллиэҕэ. Аадырыһа: Сыымах с., Герой ппов уул, 37. Тэрийэр хамыыһыйа.

  3. Өлүөнэ өрүс нөҥүө таһыы сыанатын үрдэтии поезд пассажирдарын таарыйыа суоҕа Өлүөнэ өрүс нөҥүө таһыы сыанатын үрдэтии поезд пассажирдарын таарыйыа суоҕун, трансфер сыаната оннунан хааларын туһунан «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа иһитннэрдэ. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх тимир суол вокзала маршрутунан поезд пассажирдарыгар трансфер сыаната ханнык баҕарар таһыы усулуобуйатыгар, бөртөлүөтү киллэрэн туран, муус туруутун кэмигэр уларыйбакка хаалыаҕа уонна 2200 солк тэҥнэһиэ. Трансферга олордуу поезд билиэттээхтэргэ эрэ үлэлиир. Пассажирдар трансфернай таһыы бүтүөр диэри айан докумуоннарын сүтэриэ суохтаахтар. Лена өрүскэ уустугурбут быһыыны-майгыны учуоттаан, трансферга олордуу олохтоох бириэмэнэн 11:00 чаастан оҥоһуллар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  4. repost

    СОНУННАР Хаҥалас улууһугар Булгунньахтаах орто оскуолатыгар үһүс төгүлүн «Бары бииргэ көҕүлүүбүт» диэн коммунарскай хомуур ыытылынна. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK

  5. edited

    ⛷️«Кубок золота Селигдара» күрэхтэһии сүрүн судьуйата Альберт Трофимов иккис күрэхтэһэр күн туһунан кэпсиир! Хайыһар күрэҕин быһа эпиирэ бу сигэлэринэн: 📺RUTUBE 📺 VK Видео nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  6. repost

    🎿 «КУБОК ЗОЛОТА СЕЛИГДАРА»: ПРЯМОЙ ЭФИР Смотрите соревнования по лыжным гонкам «Кубок золота Селигдара»! В программе — индивидуальная гонка свободным стилем. 🔴 Прямой эфир уже идёт! 📺 Смотрите трансляцию на площадках: 📺RUTUBE 📺 VK Видео @sakhasporttv

  7. repost

    🎿❄️🏆 «Кубок Селигдара»: как прошел стартовый день Вчера, 28 октября, в Алдане стартовали всероссийские соревнования по лыжным гонкам. В первый день прошли индивидуальные гонки с раздельным стартом свободным стилем (коньковым ходом): 5 км у женщин и 10 км у мужчин. Лучшие результаты у женщин: Евгения Крупицкая (Санкт-Петербург), Лидия Горбунова (Республика Татарстан), Дарья Канева (Республика Коми), Кира Дюжева (Москва), Анна Королева (Беларусь), Елизавета Шалабода (Москва), Ирина Казакевич (Свердловская область), Тамара Дербушева (Свердловская область). Лучшие результаты у мужчин: Иван Горбунов (Республика Татарстан), Илья Семиков (Республика Коми), Евгений Семяшкин (Республика Коми), Даниил Сгибнев (Республика Башкортостан), Кирилл Бажин (Свердловская область), Дмитрий Евменов (Московская область). Сегодня, 29 октября, спортсменов ждут забеги классическим стилем среди женщин и мужчин. 📺 Следите за трансляциями на каналах НВК «Саха», «Якутия 24», «Мамонт», а также в наших соцсетях «ВКонтакте» и Rutube. Видео: Майя Дмитриева / Якутия 24 @sakhasporttv

  8. 🚒🚨Сунтаарга баһаарынай сулууспа уонна колледж устудьуоннара элбэх оҕолоох ыалларга уоттарын ситимин уларыттылар nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  9. repost

    ХАРТЫЫНА оҕо хараҕынан 🖌️Бүгүн Владимир Карамзин "Күтүөттэр" диэн ойуута "Хартыына" рубрикаҕа таҕыста😍 🏛️ Ойуу СӨ Национальнай художественнай түмэлиттэн ылылынна. Ойууну көрөн бэйэҥ санааҕын кытта тугу истибиккин тэҥнээн көр. 🎙️Тускул Фёдоров кэпсиир 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  10. 🪖Сунтаарга СВО кыттыылаахтарын чугас дьонугар күһүҥҥү тэрээһин ыытылынна nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  11. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 29 октября (чт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Дойдум дьоно 12+ 11:30-Из золотого фонда ТВ. К 100-летию Секлетеи Курчатовой 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Соревнования по лыжным гонкам "Кубок Селигдара". Индивидуальная гонка. Свободный стиль 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Олох үөһүгэр 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-Соревнования по лыжным гонкам "Кубок Селигдара". Индивидуальная гонка. Свободный стиль 12+ 23:45-Күрэс 12+ 00:15-Олох үөһүгэр 12+ 01:30-Итоги дня 12+ 02:00-Күбэйэ 6+ 03:00-Тэтим 12+ 04:00-Асчыттар 12+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  12. repost

    «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»💕 11 сиэрийэ Албан Кыыдаананы до5оругар күнүүлүүрэ күүһүрэн иһэр. Баарыһы Кристина иэстэһээри бэлэмнэнэр. Амалия көнө суолга туруон ба5арар санаата баһыйар да, күүс була илик. Саввалаах Альбина бииргэ олорон көрүөххэ дэстилэр. Эрсан Римма бэйэ бэйэлэрин көрдөхтөрүнэ кыбыстар буолбуттар дуу?😊 Кыыдаана начаас солбуйтарбытын Алевтина истэн кэбистэ ... @sakha_serial_nvk @nvk_sakha

  13. 🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»сериалы куоттарыма!😍👏🏼 «Саха» НКИХ ханаалыгар бүгүн, алтынньы 28 күнүгэр, 21:00 чаастан сериалы көрөргүн умнума!🫶🏼 Сценарист-Сайаана Эверстова, режиссер-Ярослав Касьянов. @sakha_serial_nvk @nvk_sakha

  15. repost

    🤩👏🏻Алтынньы 26 күнүгэр Москваҕа «Et Cetera» тыйаатырга «ТЭФИ-KIDS 2026»VIII-с Бүтүн россиятааҕы национальнай бириэмийэ кыайыылаахтарын наҕараадалааһын үөрүүлээх сиэрэ-туома буолла. «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тооку уонна Чысхаан» толору кээмэйдээх ойуулуга «Оҕолорго бастыҥ анимационнай киинэ» анал аат кыайыылааҕынан таҕыста! Бу наҕараада — бүтүн хамаандаҕа, Саха сиригэр уонна дойду үрдүнэн үөрүү, киэн туттуу, улахан хардыы! Ойуулук ирбэт тоҥ сиригэр-уотугар үөскээн, айыллан көрөөччүлэр сүрэхтэрин уулларда, истиҥник, сылааһынан бигээтэ. Бу кыайыы саҥа хорсун санааларга көҕүлээтин, өссө да кыайыыга кынаттаатын! «Тооку уонна Чысхаан» ойуулугу айан, тутан таһаарыыга дууһаларын уурбут дьону барыларын эҕэрдэлиибит! Айар үлэҕит аартыга арылыннын! @tookufest

  16. 💠 ЮРИСТ СҮБЭТЭ: Сэрэниҥ, халтараан! Суол быраабылатын тутуһуҥ! Халтараан кэмҥэ тахсар быһылааннар ыйытыыларыгар юрист Тихон Дормидонтов хоруйдуур. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. Хайыһарга Селигдар Кубогын иннинэ пресс-конференция буолла. Тэрээһиҥҥэ тэрийээччилэр, спортсменнар уонна тренердэр кыттыыны ыллылар. Хайыһардьыттарга уонна биатлонистарга 2026-2027 сыллааҕы саҥа дьыл Саха сириттэн саҕаланар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. edited

    Алдаҥҥа хайыһарга икки күннээх Селигдар Кубога саҕаланна. Бүгүн көҥүл истиилинэн дьахталлар 5 км, эр дьон 10 км сүүрдүлэр, бастакы кыайыылаахтар билиннилэр. Күрэхтэһии күүрээннээх түгэниттэн Ньургуйаана Егорова сырдатар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. Архыып олохпут устуоруйатын уонна ааспыт кэм үйэлээх кэрэһиттэрин бүөбэйдээн тутар сүрүн киининэн буолар. Бу сыл Сунтаар улууһа сурукка киирбитэ 225 сыллаах уонна улуустааҕы архыып тэриллибитэ 90 сыллаах дьоһун үбүлүөйдэрин көрсө, тэрилтэҕэ улахан суолталаах саҥардыы, тупсарыы үлэтэ ыытылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. Older posts