🗼Дьокуускай телебашнята Секлетея Курчатова 100 сааһыгар кыһыл өҥүнэн сандаарыа Бүгүн, алтынньы 29 күнүгэр, 20:00 чаастан 22:00 чааска диэри киин куорат телебашнята саха тэлэбиидэнньэтин сайдыытыгар сүҥкэн оруолу киллэрбит Секлетея Алексеевна Курчатова үбүлүөйдээх сүүс сааһынан кыһыл уотунан сандаарыа. Бу туһунан СӨ Инновацияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр. 1973 сылтан кини Саха АССР Судаарыстыбаннай телерадиотын салайбыта. Кини салалтатынан телерадио биэриилэрин тэрилэ саҥардыллыбыта, Саха сирин тэлэбиидэнньэтэ хара-маҥан ойууттан өҥнөөххө көспүтэ, 225 м телебашня тутуллубута, ол сигнал ылыытын хаачыстыбатын тупсарбыта уонна биэрии зонатын кэҥэппитэ. Кини көҕүлээһининэн Ленинградтан Дьокуускайга көһө сылдьар телевизионнай ыстаансыйаны аҕалбыттара, ол көмөтүнэн суруналыыстар сюжеттэри миэстэтигэр туран уһулар кыахтаммыттара. Телебашня кыһыл уота кини Саха сирин телевидениетын уонна сибээһин сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин махтал бэлиэтинэн буолуоҕа. nvk-online.ru 📲 MАХ | TГ | ВК | VK Видео | Rutube