Дьокуускай «Молодёжная столица России – 2027» аакка ТОП-10 иһигэр киирдэ Киин куорат бүтүн россиятааҕы куонкурус бастакы түһүмэҕин ааһан уон иһигэр киирдэ. Дьокуускайы кытта иккис түһүмэххэ Архангельскай, Улуу Новгород, Иваново, Краснодар, Мурманскай, Нальчик, Сыктывкар, Уфа уонна Ярославль аастылар. Билигин номинаннарга саҥа, уустук сорук турар. Сэтинньи 10 күнүгэр диэри куораттар «Сайаапка кинигэтин» — Дьокуускай ис хоһоонноох каартатын — дьоһун докумуону бэлэмниэхтээхтэр. Дьүүллүүр сүбэ медийнэй стратегияны эмиэ сыаналыаҕа. Сэтинньи 10 күнүнээҕи сыанабыл түмүгүнэн, биэс куорат финалга тахсыаҕа. Куонкурус кыайыылааҕар 2027 сыл устата ыччат киинин аатын сүгэр быраап бэриллиэҕэ. Бу федеральнай өйөбүлгэ, киэҥ далааһыннаах грант бырагыраамаларыгар, бэйэтин сиригэр-уотугар улахан ыччат форумнарын ыытыыга, ону тэҥэ дойду үрдүнэн эдэр исписэлиистэр уонна туристар кэлиилэригэр улахан кыаҕы арыйыаҕа. Хаартыска: Дьокуускай куорат дьаһалтата #Якутск #МолодежнаяСтолица #Росмолодежь