НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%706 avg views
Posting 21.7/day last 20 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Саха сирин ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 1236 туонна социальнай суолталаах ас-үөл табаарын тиэртилэр Быйыл ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга «Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата» АУо (АУо «АТЛК») уунан 1236 туонна социальнай суолталаах аһылык бородууктатын тиэйэн аҕалла. Кыһыҥҥы массыына суола аһылыннаҕына, хампаанньа хотугу уонна Арктика оройуоннарыгар табаары таһыыны салгыы ыытыаҕа. Бу туһунан «Актуальное интервью» биэриигэ АУо «АТЛК» генеральнай дириэктэрэ Сайдам Степанов иһитиннэрдэ. «Ахсынньыга биһиги массыына суолунан Өлөөн, Муома, Орто Халыма уонна Үөһээ Халыма курдук Арктика оройуоннарыгар аһылык бородууктатын таһар кыахтаахпыт. Быйыл аан бастаан «Арктика суоллара» хампаанньаны кытта ахсынньыга, Саҥа дьыл иннинэ, Үөһээ Дьааҥы уонна Усуйаана улуустарыгар аһылыгы таһаары былаанныыбыт», — диэн Сайдам Степанов эттэ. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080029 Oct 12:0210 Nov 22:0666629 Oct 12:02: 0 views10 Nov 22:06: 666 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
29 Oct 2026, 12:020
10 Nov 2026, 22:06666

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.