Арктика оройуоннара массыына суола аһыллыар диэри уматыгынан хааччылыннылар Бу туһунан СӨ ОДьКХ-тын уонна энергетикатын миниистирэ Вячеслав Емельянов «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ анаммыт пресс-конференцияҕа иһитиннэрдэ. «Бүгүн хотугу уонна Арктика оройуоннарын бары нэһилиэнньэлээх пууннара массыына суола аһыллыар диэри наадалаах уматыгынан 100% хааччылыннылар. Баар саппаас нэһилиэнньэ күннээҕи наадыйыытын хааччыйарга уонна оттук сезонун массыына суола үлэлиэр диэри туруктаахтык аһарарга сөп буолар», — диэн Вячеслав Емельянов бэлиэтээтэ. Чох, ньиэп уонна дизельнэй уматык тиэйиитин былаана 441 тыһыынча туонна уопсай кээмэйтэн алтынньы бүтүүтүгэр 83% тахса толорулунна. Уматык ордубут кээмэйин массыына суола туруктаахтык үлэлиир кэмигэр — тохсунньуттан кулун тутар бүтүөр диэри — тиэрдэр былааннанар. Хаартыска: СӨ Суһал штабын МАХ ханаала nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube