🐶🐮🐷#Таайбараҥ: дьиэ кыылын туһунан таабырыннары төһө билэҕиҥ?
Саха киһитэ былыр-былыргыттан таабырыннаһар, олоҥхолуур, остуоруйалары, түбэлтэри кэпсиир үгэстээх. Онон бу аныгы үйэҕэ интернет ситимин нөҥүө бу үгэспитин салҕаан оонньуурга, биһигини кытта күннээҕиттэн сынньанан ыларга ыҥырабыт.
Оонньуу быраабылата:
1. Суруллубут 7 этиини аах;
2. Сөптөөх эппиэттэри таай, тал.
Хаартыска: оҥоһуу өй
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Бүлүү улууһугар эбии үөрэхтээһин сүрүн кыһата Нина Протопопова аатын сүгэр «Кэскил» оҕо айар-тобулар дьоҕурун сайыннарар киин тэриллибитэ 75 сыла. Бу сыллар устата үгүс элбэх оҕо манна дьарыктанан, эргиччи сайдан улаатта.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🏆🤼Саха сириттэн көҥүл тустуу аан чемпионатыгар
Америка Холбоһуктаах штаттарыгар Лас Вегаска буолар 23 саастарыгар диэри көҥүл тустууга аан дойду чемпионатыгар өрөспүүбүлүкэттэн төрүттээх быраас Ольга Семенова, судьуйа Николай Николаев үлэлиэхтэрэ уонна тустуук Виктор Яковлев күрэхтэһиэҕэ.
Тустуу гректии-римнии көрүҥэр Россия сүүмэрдэммит хамаандатын бырааһа Ольга Семенова 23 саастарыгар диэри көҥүл тустууга Россия хамаандатыгар үлэлиэҕэ.
Норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Николай Николаев Лас Вегас буолар күрэх көбүөрүгэр судьуйалаҕыа.
Оттон 61 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Россия сүүмэрдэммит хамаандатыттан саха уола Виктор Яковлев кыттыаҕа.
@sakhasporttv
Show more Show less
Сунтаарга «Бүлүү» федеральнай суол 14 килэмиэтирдээх саҥа кэрчигин хапытаалынай өрөмүөнэ ситиһиилээхтик түмүктэнэн үлэҕэ киирдэ. Эбийиэк арыллыытын сиэрэ-туома ураты таһымҥа Москва куораты кытта быһаччы сибээһинэн, телемост көмөтүнэн ыытылынна.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
📺🌈САХА СУОЛА.
КЭРЭНИ ЧИНЧИЙЭР СЫРДЫК АНАЛ
🌄🎨Саха дьоно Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство Национальнай түмэлин үөрэтэр-сырдатар үлэтин төһө билэбитий?
🌈Искусствоведы күн аайы көрсүбэккин. Ол курдук бүгүҥҥү күҥҥэ саха тыллаах ортотугар искусствовед - олус сэдэх идэлэртэн биирдэстэрэ. Түмэл билимҥэ сүрүн үлэһитэ, искусствовед Галина НЕУСТРОЕВА Саха сирин худуоһунньуктарын барыларын кэриэтэ сырдаппыт, үлэлэрин ырыппыт эрэ буолбакка, бу искусство сайдан иһэр суолун салайан биэриигэ олоҕун анаабыт ытык-бэлиэ киһи.
САХА СУОЛУНАН кэрэҕэ тиийиэххэ.
🌞 Алтынньы 18 күнэ, өрөбүл.
⏰ Сарсыарда 10:30 ч.
🔔 Хатылааһына: алтынньы 21 күнэ, сэрэдэ, 16:00 ч.
Биэрии «Саха» НКИХ интернет бөлөхтөрүгэр киириэҕэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Сунтаарга саҥа спортивнай-байыаннай комплекс арылынна
Сунтаардааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола тиэргэнигэр улахан бырайыак ситиһиилээхтик олоххо киирэн, саҥа спортивнай-байыаннай комплекс арылынна. Бу суолталаах эбийиэк улуус дьаһалтатын кытта биир ситимнээх үлэ, анал бырагыраама көмөтө уонна үөрэнээччилэр бэйэлэрин көҕүлээһиннэрин түмүгүнэн тутулунна.
Саҥа комплекс арыллыыта үөрэнээччилэр эт-сиин өттүнэн сайдалларыгар, сымса уонна уустук моһоллору туоруур тулуурдаах буолалларыгар күүстээх тирэҕинэн буолуоҕа. Ону таһынан, маннык эрчиллиилэр оҕолору байыаннай-патриотическай тыыҥҥа иитэргэ, Ийэ дойдуну көмүскүүргэ бэлэмнииргэ улахан төһүү күүһүнэн буолаллара саарбахтаммат.
Бэйэлэрин бырайыактара олоххо киирбитэ оҕолор инникитин өссө улахан былааннары оҥороллоругар уонна уопсастыба олоҕор көхтөөхтүк кытталларыгар улахан кынаты биэриэҕэ.
Комплекс арыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр оскуола коллектива, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна дьаһалта бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Саҥа комплекс моһоллорун маҥнайгынан үөрэнээччилэр бэйэлэрэ ааһан, бэртээхэй бэлэмнээхтэрин уонна сатабылларын көрдөрдүлэр.
Спортивнай-байыаннай комплекс тутуллуута Сунтаар 2-с нүөмэрдээх оскуолатын эрэ буолбакка, бүтүн улуус үөрэҕин уонна спордун эйгэтэ сайдарыгар улахан хардыынан буолар!
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Сунтаарга «Бүлүү» федеральнай суол саҥа учаастага үлэҕэ киирдэ
«Бүлүү» федеральнай суол 14 килэмиэтирдээх саҥа кэрчигин хапытаалынай өрөмүөнэ ситиһиилээхтик түмүктэнэн, үлэҕэ киирдэ. Эбийиэк арыллыытын сиэрэ-туома ураты таһымҥа Москва куораты кытта быһаччы сибээһинэн, телемост көмөтүнэн ыытылынна.
Суол саҥа учаастагын арыллыытыгар Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев уонна «Бүлүү» федеральнай суол салалтатын салайааччытын солбуйааччы Евгений Бугуев кыттыыны ыллылар. Тутууга күнү-түүнү аахсыбакка күүстээх үлэлэрин уурбут дьоҥҥо үөрүүлээх быһыыга-майгыга бочуоттаах наҕараадалары уонна махтал суруктары туттардылар.
Маннык улахан бырайыагы «Сунтаравтодор» тэрилтэ олоххо киллэрдэ. Икки сыл устата 100-тэн тахса тутааччы үлэлээн, эбийиэги болдьоҕун иннинэ түмүктээтэ. Суолга икки дьапталҕалаах асфальтобетон бүрүөһүнэ уурулунна. Тутууга аныгы технологиялар уонна ураты олохтоох климат усулуобуйатыгар сөп түбэһэр матырыйааллар туһанылыннылар. Ону тэҥэ суол таһынааҕы инженернэй тутуулар, ууну аһарар турбалар уонна систиэмэлэр толору саҥардылыннылар. Сунтаартан тахсыыга толору хааччыллыыта оҥоһулунна.
Улуус уонна бүтүн регион социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан суолталаах суол хаачыстыбатын тупсуута айан куттал суох буолуутун хааччыйыаҕа уонна логистика сибээһин күүһүрдүөҕэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Эһиил Ньурбаҕа ыытыллыахтаах IX спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн ырааһырдыы, тупсарыы үлэтэ тэтимирэр. Ньурба куорат «Энергетик» кыбаарталыгар күргүөмнээх улахан субуотунньук тэрилиннэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саха сиригэр уматык балаһыанньата хонтуруолга турар. Билигин ньиэп ыскылааттарыгар уматык саппааһын мунньунуу үлэтэ ыытыллар. Онно анаан Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыгар диэри 19 тыһыынча туонна, ол эбэтэр 346 богуон бэнсиин, сотору кэминэн тиксэриллиэҕэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
💫💥ТООКУ ФЕСТ: МУЛЬТИПАРК
⭐️Быйыл төрдүс төгүлүн ыытыллар Тооку Фест сахалыы анимация бэстибээлин чэрчитинэн оҕолорго, ыччакка иккис төгүлүн анимацияҕа күрэх ыытылынна.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саха сирин харах балыыһатыгар телемедицинскэй киин арыллыаҕа
Өрөспүүбүлүкэ офтальмологическай балыыһатын баазатыгар телемэдиссиинэ киинэ тэриллэн, улуустааҕы балыыһалар үлэһиттэрин кытта ыраахтан сүбэлэһиини ыытыаҕа. Пилотнай бырайыакка Саха сирин биэс улууһа кыттар, ол иһигэр Арктика улуустара. Киини бу сыл сэтинньитигэр үлэлэтэр былаан баар.
«Мин көрдөхпүнэ, бу — улахан хардыы. Офтальмологтара суох улуустартан биһиэхэ элбэх көрдөһүү киирэрэ. Пилотнай бырайыакка Жатай, Өлөөн, Чурапчы, Ньурба уонна Кэбээйи улуустара кытталлар. Бастакы түһүмэххэ Жатай уонна Өлөөн улуустарын талыы оптоволокно ситимэ тардыллан дааннайдары биэрии түргэнин кытта сибээстээх. Бу сүбэлэһиини онлайн ыытарга кыаҕы биэрэр», — диэн Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ офтальмологическай балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан эттэ.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ
Хаартыска: Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ офтальмологическай балыыһатын пресс-сулууспата
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Безопасность — прежде всего.
В интервью боец с позывным Шустрый рассказывает о буднях оператора БПЛА, о том, как меняется оборудование и почему безопасность остаётся одним из главных приоритетов в работе.
За каждым вылетом — ответственность, внимательность и опыт. А за кадром остаётся повседневная работа, в которой важно учитывать каждую деталь.
Полную версию смотрите по ссылке:
https://vk.ru/wall-241204890_17
БЕСПИЛОТНЫЕ СИСТЕМЫ ЯКУТИИ:
https://max.ru/channel_bps14
Show more Show less
#Видеофакт: Ворон перехитрил капкан – бросил щепу и унёс приманку 🪤
Охотник из Якутии поделился наблюдением: ворон бросил щепу в капкан, чтобы обезвредить его, а затем спокойно унёс приманку. По словам охотника, это не первый подобный случай — птицы демонстрируют удивительную изобретательность👍
Источник: sakhahunter
yk24.ru в MAКС | Telegram | ВК | VK Видео
Клип: «Алакы»
Афанасий Гуринов тыллара, Сиэйэ Уолун матыыба, Михаил Перетертов аранжировката
https://vkvideo.ru/video-211137588_456268871?list=e249d51610b9135302
Алтынньы үһүс өрөбүлүгэр сыллата өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ күнэ бэлиэтэнэр.
Ийэҕэ анаммыт аатырбыт ырыа ааптара, мелодист, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ Степан Васильевтыын интервьюну көрүҥ.
https://vkvideo.ru/video-211137588_456268870?list=b78451464e7b7132da
🚤Өлүөнэ эбэҕэ хивустар сырыылара саҕаланна
Алтынньы 16 күнүттэн Өлүөнэ эбэнэн айаннааччылары салгын сыттыктаах суудуналар таһан саҕалаатылар.
Айан сыаната Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ диэри 2500 солкуобай буолар. СӨ Тырааныспарын министиэристибэтэ дьону таһар чааһынайдары кытта бииргэ үлэлэһиитин түмүгүнэн айан сыаната былырыыҥҥынан хаалла.
Сарсыарда 07:00 ч. саҕалаан киэһэ 19:00 ч. диэри айанныыллар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар.
https://vkvideo.ru/video-211137588_456268867?list=71bf80046dd7645be8
ОСТУОРУЙА ИСТИЭХХЭ
⚜️Быйыл Сахабыт сиригэр Култуура сыла биллэриллэн турар.
Маны тэҥэ, киин куораппытыгар үөрэхтээһин 100 сыла!
📖 Бу бэлиэ дьылга Дьокуускай куорат уһуйааннарын иитээччилэрэ, уһуйааччылара биһиги каналбыт көрөөччүлэригэр анаан остуоруйа ааҕаллар.
🎙️Бүгүҥҥү остуоруйаны Дьокуускай куорат 51 N-дээх "Кэскил" оҕо уһуйаанын иитээччитэ Наталья Алексеева кэпсиир.
📖 Хараҥа киэһэни сырдатан, утуйуох иннинэ, бүгүн бу остуоруйаны истиҥ: Саха остуоруйаларын хомуурунньугуттан "Марба уоруйах".
✅ Остуоруйа ааҕан, куолас уһултаран үйэтитиэн баҕалаах иитээччилэри, уһуйааччылары биһиги айар бөлөхпүт кэккэтигэр ыҥырабыт. Электроннай аадырыспытыгар суруйаргытын күүтэбит chokhoon@mail.ru
🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
Show more Show less