🏆🤼Саха сириттэн көҥүл тустуу аан чемпионатыгар Америка Холбоһуктаах штаттарыгар Лас Вегаска буолар 23 саастарыгар диэри көҥүл тустууга аан дойду чемпионатыгар өрөспүүбүлүкэттэн төрүттээх быраас Ольга Семенова, судьуйа Николай Николаев үлэлиэхтэрэ уонна тустуук Виктор Яковлев күрэхтэһиэҕэ. Тустуу гректии-римнии көрүҥэр Россия сүүмэрдэммит хамаандатын бырааһа Ольга Семенова 23 саастарыгар диэри көҥүл тустууга Россия хамаандатыгар үлэлиэҕэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Николай Николаев Лас Вегас буолар күрэх көбүөрүгэр судьуйалаҕыа. Оттон 61 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Россия сүүмэрдэммит хамаандатыттан саха уола Виктор Яковлев кыттыаҕа. @sakhasporttv