Сунтаарга «Бүлүү» федеральнай суол саҥа учаастага үлэҕэ киирдэ «Бүлүү» федеральнай суол 14 килэмиэтирдээх саҥа кэрчигин хапытаалынай өрөмүөнэ ситиһиилээхтик түмүктэнэн, үлэҕэ киирдэ. Эбийиэк арыллыытын сиэрэ-туома ураты таһымҥа Москва куораты кытта быһаччы сибээһинэн, телемост көмөтүнэн ыытылынна. Суол саҥа учаастагын арыллыытыгар Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев уонна «Бүлүү» федеральнай суол салалтатын салайааччытын солбуйааччы Евгений Бугуев кыттыыны ыллылар. Тутууга күнү-түүнү аахсыбакка күүстээх үлэлэрин уурбут дьоҥҥо үөрүүлээх быһыыга-майгыга бочуоттаах наҕараадалары уонна махтал суруктары туттардылар. Маннык улахан бырайыагы «Сунтаравтодор» тэрилтэ олоххо киллэрдэ. Икки сыл устата 100-тэн тахса тутааччы үлэлээн, эбийиэги болдьоҕун иннинэ түмүктээтэ. Суолга икки дьапталҕалаах асфальтобетон бүрүөһүнэ уурулунна. Тутууга аныгы технологиялар уонна ураты олохтоох климат усулуобуйатыгар сөп түбэһэр матырыйааллар туһанылыннылар. Ону тэҥэ суол таһынааҕы инженернэй тутуулар, ууну аһарар турбалар уонна систиэмэлэр толору саҥардылыннылар. Сунтаартан тахсыыга толору хааччыллыыта оҥоһулунна. Улуус уонна бүтүн регион социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан суолталаах суол хаачыстыбатын тупсуута айан куттал суох буолуутун хааччыйыаҕа уонна логистика сибээһин күүһүрдүөҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
2.9%699 avg views
Posting
21.9/day
last 50 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 16 Oct 2026, 06:50 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 668 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.