Саха сирин харах балыыһатыгар телемедицинскэй киин арыллыаҕа Өрөспүүбүлүкэ офтальмологическай балыыһатын баазатыгар телемэдиссиинэ киинэ тэриллэн, улуустааҕы балыыһалар үлэһиттэрин кытта ыраахтан сүбэлэһиини ыытыаҕа. Пилотнай бырайыакка Саха сирин биэс улууһа кыттар, ол иһигэр Арктика улуустара. Киини бу сыл сэтинньитигэр үлэлэтэр былаан баар. «Мин көрдөхпүнэ, бу — улахан хардыы. Офтальмологтара суох улуустартан биһиэхэ элбэх көрдөһүү киирэрэ. Пилотнай бырайыакка Жатай, Өлөөн, Чурапчы, Ньурба уонна Кэбээйи улуустара кытталлар. Бастакы түһүмэххэ Жатай уонна Өлөөн улуустарын талыы оптоволокно ситимэ тардыллан дааннайдары биэрии түргэнин кытта сибээстээх. Бу сүбэлэһиини онлайн ыытарга кыаҕы биэрэр», — диэн Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ офтальмологическай балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан эттэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ офтальмологическай балыыһатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube