НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%699 avg views
Posting 21.9/day last 44 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Сунтаарга саҥа спортивнай-байыаннай комплекс арылынна Сунтаардааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола тиэргэнигэр улахан бырайыак ситиһиилээхтик олоххо киирэн, саҥа спортивнай-байыаннай комплекс арылынна. Бу суолталаах эбийиэк улуус дьаһалтатын кытта биир ситимнээх үлэ, анал бырагыраама көмөтө уонна үөрэнээччилэр бэйэлэрин көҕүлээһиннэрин түмүгүнэн тутулунна. Саҥа комплекс арыллыыта үөрэнээччилэр эт-сиин өттүнэн сайдалларыгар, сымса уонна уустук моһоллору туоруур тулуурдаах буолалларыгар күүстээх тирэҕинэн буолуоҕа. Ону таһынан, маннык эрчиллиилэр оҕолору байыаннай-патриотическай тыыҥҥа иитэргэ, Ийэ дойдуну көмүскүүргэ бэлэмнииргэ улахан төһүү күүһүнэн буолаллара саарбахтаммат. Бэйэлэрин бырайыактара олоххо киирбитэ оҕолор инникитин өссө улахан былааннары оҥороллоругар уонна уопсастыба олоҕор көхтөөхтүк кытталларыгар улахан кынаты биэриэҕэ. Комплекс арыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр оскуола коллектива, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна дьаһалта бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Саҥа комплекс моһоллорун маҥнайгынан үөрэнээччилэр бэйэлэрэ ааһан, бэртээхэй бэлэмнээхтэрин уонна сатабылларын көрдөрдүлэр. Спортивнай-байыаннай комплекс тутуллуута Сунтаар 2-с нүөмэрдээх оскуолатын эрэ буолбакка, бүтүн улуус үөрэҕин уонна спордун эйгэтэ сайдарыгар улахан хардыынан буолар! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080016 Oct 07:0710 Nov 22:0665516 Oct 07:07: 0 views10 Nov 22:06: 655 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
16 Oct 2026, 07:070
10 Nov 2026, 22:06655

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.