🌤ТУСКУЛ БИЛГЭТЭ Тарас Тарасов-Тускул алтынньы 17-24 күннэригэр Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарыыта☀️🌨❄️ https://vkvideo.ru/video-211137588_456268866?list=1e63b4160e64e4e21e
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-
🖼️Аныгы искусство быыстапката бу күннэргэ худуоһунньуктар сойуустарын быыстапкатын саалатыгар турда! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🏢Бүлүү улууһугар хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагыраама ситиһиилээхтик үлэлиир. Ол курдук, бу сыллар устата барыта 302 кыбартыыра үлэҕэ киирэн турар. Бу сайын сэттэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу саҕаламмыта. Күн бүгүн үлэ тэтимнээхтик бара турар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
😃👋👍❄️ Маҥан хаар көбүөрдээх Ыраас сибиэһэй салгыннаах Кырыа кыһыммыт сарсыардата саҕаламмытынан Саргылааҕы салайар инникигэ эрэллээх Үчүгэйгэ-кэрэҕэ угуйар Үгүс үтүмэн үөрүүнү үксэтэр үчүгэйкээн үтүө күн үүммүтүнэн. Дьуон Элэһин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Программа ТВ НВК "Саха" на 16 октября (пт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдум дьоно 12+ 15:15-Саха итэҕэлэ 12+ 16:00-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара 12+ 16:30-Города и реки 6+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Аартык 12+ 18:30-Үлэ дьоно 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Өркөн өй 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Уонна 12+ 22:00-Сэргэх 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Өркөн өй 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Города и реки 6+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»💕 4 сиэрийэ Албан кыыһын кытта эйэлэһиэх буолан иһэн эмиэ табыллыбата. Ким мэһэйдээбитэ буолуой?таайдыгыт ини😄 Барыыс кулуупка көрсүбүт кыыһын кытта түүнүн атааран баран халаан барбыт эбит. Шалелыын массыына атыылааһыннарын бизнеһэ олох да хаахтыйда, туох барыта иэстэбиллээх буолан биэрдэ👊🏻 Кыыдаана саңа үлэтигэр утуу-субуу олохтоохтору кытта билсэн иһэр. Клавдия Капитоновна кыыһы о5отугар майгыннатта. Ону биирэ сөбүлээбэккэ хаһыытаан эмээхсини үргүтэн кэбистэ. Клавдия К. сүппүт диэн биллэрдилэр .... @sakha_serial_nvk @nvk_sakha
-
repost 🤩👏🏻«Тооку» ханаалга «Имана» ойуулук сценариһа Гордей Спиридонов ойуулугу оҥорон таһаарыы уратытын туһунан сиһилии кэпсээтэ.👍🏻 Итиэннэ ойуулук сценарийын суруйааччыларга сүбэ-ама биэрдэ. Сиһилии видео-матырыйаалга көрүҥ👆🏽👆🏽👆🏽 @tookufest
-
repost 🌈🤩Ойуулук сценарийын куонкуруһун түмүгүн «Тооку-фест» бэстибээлгэ иһитиннэриэхтэрэ Бүгүн сахалыы ойуулук сценарийыгар биллэриллибит куонкурус түмүгүн дьүүллэстилэр. Дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрэ НВК «Саха» продюсера, сценарист Евгения Давыдова, «Тооку» ханаал «Имана» ойуулук сценариһа Гордей Спиридонов, «Тооку» ойуулук сценариһа Саргылана Сандар уонна «Тооку» ханаал шеф-эрэдээктэрэ Анна Кириллина сахалыы ойуулук сайдыытын тула кэпсэттилэр, санааларын эттилэр. @tookufest
-
Россияҕа Педагогтар декадаларын иитинэн Чурапчы улууһугар эбии үөрэхтээһин үлэһиттэригэр туһуламмыт араас таһымнаах тэрээһин ыытыллар. Манна оҕо эбии дьоҕурун сайыннарар исписэлиистэр үгүс ситиһиилээх көрсөллөр. Бу туһунан сюжекка көрүҥ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268859?list=64b8fda88e6cd4bf5a
-
«Белая трость» диэн декада саҕаланан харахтара мөлтөх уонна көрбөт дьоҥҥо аналлаах тэрээһиннэр буола тураллар. Үөһээ Бүлүүгэ киин библиотека уонна көрбөттөр уопсастыбалара кыттыһан «Толкуйдаа, тобул, таай» диэн квест оонньууну бэлэмнээн ыыттылар. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268856?list=45e863f3a3f5e9fc66
-
Бэрдьигэстээххэ бэйдиэ ыттары быстах кэмҥэ тутар пуун үлэтин салҕыыр. Бу кыһалҕа нэһилиэк эрэ үрдүнэн буолбакка, өрөспүүбүлүкэ кэккэ улууһугар сытыытык турар. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268857?list=d24e21d806e5a38517
-
«Якутия» авиахампаанньа Дьокуускай – Уус Ньара хайысханан рейстэри сөргүттэ «Якутия» авиахампаанньа Дьокуускай – Уус Ньара хайысханан көтүүлэри чөлүгэр түһэрдэ. 2026 сыл күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмигэр билиэттэр атыыга таҕыстылар. Бу олохтоох аэродром көтөр-түһэр балаһатыгар (ВПП) чөлүгэр түһэрэр үлэ толору комплекса түмүктэммитин кэнниттэн кыалынна. ВПП бүрүөһүнүн итэҕэстэрин туоратыы үлэлэрэ балаҕан ыйын 25 күнүгэр түмүктэннилэр. Тэрээһиннэр кэннилэриттэн аэропорт инфраструктурата нуормаҕа эппиэттиир турукка киирдэ уонна сөмөлүөттэри куттала суох ыларга бэлэм буолла, ол иһигэр Bombardier Dash 8 Q300 сөмөлүөттэри. Уус Ньараны кытта тырааныспар сибээһин чөлүгэр түһэрии туһунан ыйытыы соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаевтыын быһа кэпсэтии кэмигэр киирбитэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Майя Дмитриева/«Якутия 24» nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сиригэр «НАУКА 0+» билим бэстибээлэ ыытыллыа Алтынньы 22-25 күннэригэр «НАУКА 0+» билим бэстибээлэ буолуоҕа уонна билим институттарын, чинчийэр кииннэри, бастыҥ үөрэх тэрилтэлэрин түмүөҕэ. Бэстибээл дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Россияҕа Билим уонна технология уон сылын чэрчитинэн тэриллэр. Быйылгы бэстибээл сүрүн тиэмэтэ – «Твоя космическая Вселенная», киһи куйаарга аан бастаан тахсыытын 65 сылыгар ананар. Ураты болҕомтону икки үбүлүөйдээх бэлиэ түгэҥҥэ ууруохтара – М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет 70 сылыгар уонна Саха сирин аграрнай үөрэхтээһинин 70 сылыгар. Түөрт күн устата өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар аҕыс былаһааккаҕа 179 тэрээһини ыытыахтара. Бэстибээл бырагыраамата киэҥ хабааннаах – оскуола оҕолоругар, устудьуоннарга уонна педагогтарга, эдэр чинчийээччилэргэ, билим саҥа ситиһиилэрин сэргиир бары баҕалаахтарга туһаайыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited Саха сирэ СВО кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмөнү салгыы ыытар Өрөспүүбүлүкэ анал байыаннай дьайыы балаһатыгар сиринэн айанныыр тырааныспарынан 235,5 туонна кэриҥэ гуманитарнай таһаҕаһы ыытта. Оттон «Якутия» уонна «Полярные авиалинии» авиахампаанньалар 35,5 туоннаттан тахсаны тириэртилэр. Бу туһунан брифиҥҥэ «Вместе к Победе!» хамыыһыйа координационнай киинин уонна Донбасска Хотугулуу-Илиҥҥи көмө пуондатын салайааччыта Георгий Куркутов иһитиннэрдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Уус Алдан улууһугар Гаврил уонна Пелагея Максимовтар сырдык ааттарыгар сүгүрүйдүлэр. Ол курдук, кинилэр бииргэ ыал буолан өр кэмҥэ олорбут дьиэлэригэр өйдөбүнньүк тааһы ииллилэр. Итиэннэ Пелагея Степановна төрөөбүтэ 100 сылынан «Ийэ сылаас илиитин иэйиитэ» диэн быыстапка турда. Бэлиэ тэрээһиннэри Айаал Молокотин сырдатта. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268853?list=63e0e33145015d261a
-
repost Чараас мууска сэрэхтээх буол! Салгыҥҥа сылдьан чэгиэн буол, бэйэҕин харыстан! 🙌 ⛔️Үрэх, күөл мууһа чараас кэмигэр сэрэхтээх буол! ‼️Өйдөө!!! Халыҥыы илик муус киһини уйбат! ☝️ Арай биирдэ, мууска... 👆🏻Бу быһылаан туһунан "Арай биирдэ" рубрикаҕа көр! 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
-
🏢Горнай улууһугар хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан Бэрдьигэстээххэ күн бүгүн 4 мэндиэмэннээх таас дьиэ иккис уочарата түмүктүүр түһүмэҕэр үлэ күөстүү оргуйар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📺Биһиги төрүттэрбит, сахалар нууччалар, онтон да атын омук дьоно Өлүөнэ устун айаннаабыт, өҥ-быйаҥ кытылыгар олорон ааспыт дьон олохторун, историяларын туһунан, народнай суруйааччы Павел Харитонов романыттан сиэттэрэн Тойон Арыыга кэпсэтиэхпит. Алтынньы 17 күнүгэр субуотаҕа күнүс 12.15 чааска, хатылааһына алтынньы 19 күнүгэр күнүс 15.00 чааска көстүөҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Виталий Андросов сырдык аатын үйэтитэр өйдөбүнньүк бүүһэ арылынна Бэҕэһээ, алтынньы 14 күнүгэр, Майаҕа Р.Г. Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл уһаайбатыгар ураты бэлиэ күн үүннэ. Сырдык, ыраас матыыптарынан саха омук кутун туппут биллиилээх композитор-мелодист, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Виталий Андросов сырдык аатын үйэтитэр өйдөбүнньүк бүүһэ арылынна. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бу долгутуулаах, үөрүүлээх түгэҥҥэ Виталий Тимофеевич чугас дьоно, оҕолоро, аймахтара, ыҥырыылаах ыалдьыттар муһуннулар. Бүүһү скульптор Аркадий Сивцев чочуйан оҥордо. Инникитин бу миэстэҕэ улууспут киэн туттар мелодистарын мөссүөннэрэ кэккэлэһиэҕэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, Саха научнай киинин генеральнай дириэктэрэ, РФ билимин академига Михаил Лебедев, Саха АССР физическэй култууратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна Михаил Друзьянов, геолого-минерологическай билим хандьыдаата, урбаанньыт Дмитрий Сосин, Уус Алдан улууһун Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Борис Заровняев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал көмө киинин реанимация салаатын сэбиэдиссэйэ, төрөппүт уола, Дмитрий Андросов кыттыыны ылан, эҕэрдэлэрин, истиҥ ахтыы тылларын анаатылар. Бэлиэ күнү байаан доҕуһуоллаах алыптаах ырыаларынан СӨ норуодунай артыыһа Александр Емельянов, Амма улууһуттан Анна Акимова, Мария Кириллова киэргэттилэр. Тэрээһин түмүгэр Виталий Андросов өйдөбүнньүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



- Older posts