НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%680 avg views
Posting 21.8/day last 27 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уматык балаһыанньата бигэ туруктаах. Уматык саппааһа мунньуллар. Сиһилии сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. repost

    СОНУННАР Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскайга «Арчы Дьиэтигэр» Өктөм нэһилиэгин олохтооҕо, талба талааннаах иистэнньэҥ норуот маастара Светлана Баишева «Кыл дууһам иэйиитэ» персональнай айар быыстапката буолла. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в

  3. 👏🏻Сунтаардааҕы 3-с нүөмэрдээх оскуола төрүттэммитэ 35 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк таһымҥа бэлиэтээтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх бэлиитигэ уонна судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Климент Егорович Иванов аатын сүгэр Сунтаардааҕы 3-с нүөмэрдээх орто оскуола төрүттэммитэ 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытылынна. Норуот айымньытын киинигэр оскуола бэтэрээн үлэһиттэрэ, билиҥҥи педагогическай коллектив, үөрэнээччилэр уонна араас сылларга үөрэммит выпускниктар тоҕуоруһа муһуннулар. 1991 сыллаахха олохтоммут үөрэх кыһата бэйэтигэр ураты хайысханы ылынан, 2006 сылтан саҕалаан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спорт оскуолатын үөрэҕи биэрэр салаатын быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу кэм тухары үөрэх тэрилтэтэ Сунтаар улууһун аатын өрөспүүбүлүкэ, Россия уонна аан дойду таһымнаах спорт түһүлгэтигэр дорҕоонноохтук ааттатар чулуу спортсменнары иитэн-кынаттаан таһаарбыта. Билиҥҥи кэмҥэ оскуоланы дириэктэр Андрей Николаев салайан олорор, кини салалтатынан үөрэх таһымын үрдэтиигэ, төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа уонна оҕону уопсастыбаннай олоххо иитиигэ күүстээх үлэ барар. Үбүлүөйдээх сылынан үөрэх тэрилтэтин кэллэктиибин Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев бэйэтин эҕэрдэ тылынан уруйдаата. Кини бэлиэ тэрээһин чэрчитинэн улуус итиэннэ өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин сайдыытыгар биллэр кылааттарын киллэрбит бастыҥ үлэлээх учууталларга, иитээччилэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин таһымнаах үрдүк наҕараадалары, бочуоттаах грамоталары уонна анал бэлиэлэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Оскуола кэллэктиибэ 35 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк ситиһиилээхтик көрсөн, инникитин да үөрэх уонна спорт таһымын өссө үрдүктүк тутар былааннаах уонна сайдар соруктаах үлэлиир. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. repost

    СОНУННАР Хаҥалас улууһугар бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕалара өрүү баар. Покровскай куоракка ыттары быстах кэмҥэ тутар пуун тиһигин быспакка үлэлиир. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK

  5. Өрөспүүбүлүкэ уматык саппааһын бэлэмниир Элбэх АЗС арыллыбытын түмүгэр уочарат суох буолла. Билигин киин куорат «материктан» быстан хаалар кэмигэр уматык тиийбэтин туоратар туһугар Дьокуускай ньиэп ыскылааттарыгар уматыгы мунньуу улахан үлэтэ ыытыллар. Хаартыска: Андрей Меженский/«Якутия 24» https://nvk-online.ru/r-sp-b-l-ke-umatyk-sappaa-yn-belemniir/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. «Амтан» рубрикаҕа: күөрчэх астыахха Көрүҥ, үтүктүҥ, минньигэстик аһааҥ!😋 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. 👩🏻‍⚕️Уус Алдан улууһугар акушерскай сулууспа 90 сылын бэлиэтиир nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. 🏫👷🏻‍♂️⚒️Сунтаар улууһун киинигэр саҥа оҥоһуллубут «Өтөөкү» микрорайон силигэ ситэн эрэр. Бу сиргэ элбэх оҕолоох ыаллар олохсуйалларыгар анаан 160 уһаайба бэриллибитэ. Билигин тутуу уонна тупсарыы үлэтэ хайдах бара турарын сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. Бүгүн Айсен Николаев ГТРК «Саха» ханаалга быһа эпииргэ тахсыаҕа Ил Дархан Айсен Николаев ГТРК «Саха» ханаалга быһа эпииргэ тахсыаҕа. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Эпиир бүгүн, алтынньы 12 күнүгэр, күнүс 13:00 чааска буолуоҕа. Биэрии кэмигэр 8 (4112) 32-02-02 нүөмэргэ эрийэн ыйытыахха сөп. Быһа эфиргэ ааҕыллыбатах ыйытыылары өрөспүүбүлүкэ баһылыгар тиэрдиэхтэрэ. Быһа биэриини бу сигэлэринэн көрүөххэ сөп: – https://gtrksakha.ru/news/2026/10/12/12-oktyabrya-v-1300-na-telekanale-rossiya-24-smotrite-programmu-pryamoj-razgovor-s-ajsenom-nikolaevym; – http://vkvideo.ru/@vestisakha; – http://max.ru/vestisakha. Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. САҤА СЕРИАЛ: «ТАПТАЛЫ ЭРЭЙЭР СҮРЭХТЭР» Сценарист Сайаана Эверстова уонна режиссер Ярослав Касьянов саҥа сериал туһунан сырдаттылар. Бүгүн сериалы 21:00 чаастан көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 👏🏻Таатта улууһун коллекционердарын түмсүүтэ тэриллибитэ 10 сыла буолла nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. Ааспыт өрөбүлгэ Покровскай куоракка 14–15 саастаах уолаттарга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах ССРС успуордун маастара Анатолий Филиппов бирииһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин буоксаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиитэ түмүктэннэ. Санатан суруйдахха, ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы күрэхтэһиигэ эдэр спортсменнар ахсааннара элбээбитэ үөрдэр. Хаҥалас улууһун киинигэр 24 хамаандаттан 176 боксер кэллэ. Түөрт күн устата ыытыллыбыт хатыһыылаах киирсилэр кэннилэриттэн бастыҥ көрдөрүүлээх хамаанданан Ньурба боксердара буоллулар. Кинилэр 3 кыһыл көмүс, 5 үрүҥ көмүс уонна 5 боруонса мэтээллэр хаһаайыннарынан буоллулар. Видео: Родион Кривогорницын/«Саха» НКИХ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. 🛣️Сунтаар улууһугар муниципальнай суоллары көрүүгэ-истиигэ күүстээх үлэ барар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. ⚡️Өрүскэ туманнаах: сырыы тохтоото Паромнар сырыылара уонна Өлүөнэ өрүскэ дьону уунан таһыы хойуу тумантан тохтотулунна. Сырыылар өрүскэ билиҥҥи быһыыны-майгыны уонна көстүү усулуобуйатын учуоттаан сөргүтүллүөхтэрэ. Дьокуускай аэропорда штатнай эрэһииминэн үлэлиир, көстүү сөптөөх. Салгын суудуналарын көрсүү уонна ыытыы ыытыллар. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. Горнай эбии үөрэхтээһин педагогун күнэ киэҥ бырагыраманан бэлиэтэннэ Горнай улууһун Бэрдигэстээх нэһилиэгэр Людмила Лукина аатынан Эбии үөрэхтээһин киинигэр педагогтар Александр Агеев аатынан оҕо спортивнай оскуолатын тренердэрин уонна Бэрдьигэстээҕи оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыларын кытта Россияҕа эбии үөрэхтээһин педагогун күнүн үһүс төгүлүн киэҥ бырагыраманан бэлиэтээтилэр. Бырааһынньык бастакы күнэ уопут атастаһыытыгар уонна идэни үрдэтиигэ ананан, туһааннаах сонун авторскай семинардарынан саҕаланна. Педагогтар бэйэлэрин идэлэригэр туһалаах саҥа хайысхалары ырыттылар. Иккис күн бырааһынньык үөрүүлээх арыллыытынан уонна педагогтар айар үлэлэрин көрдөрөр быыстапканан саҕаланна. Үөрүүлээх чааска эдэр көлүөнэни иитиигэ киллэрбит кылааттарын иһин бастыҥ үлэһиттэргэ барҕа махтал тыллара этилиннилэр, наҕараадалар туттарылыннылар. Салгыы педагогтар олус тэрээһиннээх маастар-кылаастарга кыттан саҥа ньымалары баһылаатылар, онтон кэлэктииби сомоҕолуур уйулҕа трениҥэ ыытылынна. Бырааһынньык үрдүк күүрүүлээх уонна интэриэһинэй квест-оонньуунан, ону тэҥэ доҕордуу көрсүһүү үҥкүүнэн олус сэргэхтик түмүктэннэ. Быйылгы үһүс төгүлүн ыытыллыбыт улахан бырааһынньык улуус эбии үөрэхтээһинин үлэһиттэригэр саҥа айар үлэҕэ кынаттаата уонна хас биирдии кыттааччыга умнуллубат сырдык өйдөбүллэри хаалларда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. 🎵Аиза Петровна Решетникова аатынан ырыа уонна фольклор түмэлигэр бэрт интэриэһинэй бырайыагы кытта билистибит nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. repost

    ТААБЫРЫНЫ ТААЙ ☀️Саҥа үлэ, үөрэх нэдиэлэтэ ситиһиилээх буоллун! ✊ Өрөбүл кэнниттэн өй үлэтин дьарыктаа, таабырыны таай 😉 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  18. 🪖📦Сунтаарга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө тохтообот Сунтаар улууһугар Элгээйи нэһилиэгин урбаанньыта, депутата Игорь Яковлев улуус волонтёрдарыгар штабка аһыылларыгар хаппыыста бэлэх уунна. Элгээйитээҕи «Харысхал» волонтёрскай штаб, аҕам саастаахтар «Хаалыктаах хаамааччылар» түмсүү, Аркадий Егоровтан, Людмила Григорьеваттан, Агафья Потаповаттан байыастарга анаан гуманитарнай көмө туттарылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. Older posts