👏🏻Таатта аҕам саастаахтара «Тыксааҥҥа» күрэхтэстилэр Ытык Күөлгэ «Сарыал» култуура уонна спорт сайдыытын киинин тэрийиитинэн аҕам саастаахтар икки ардыларыгар “Тыксаан” күрэхтэһиитэ буолан ааста. Муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын Ольга Титова сүктэ. 1 миэстэҕэ Анастасия Колесова таҕыста. 2 миэстэ Альбина Павлова буолла. Оттон боруонса мэтээли Маргарита Павлова ситистэ. Умнулла быһыытыйбыт остуол оонньуута бэрт сэргэхтик ааста. Инникитин да тыксаан күрэхтэһиитэ элбэхтэ тэриллэрэ буоллар диэн кыттааччылар баҕа санааларын тиэртилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube