«Саха» НКИХ «Омоон суоллар. Искупление» киинэтэ «ТЭФИ-Регион» таҕыста👏 «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа сахалыы сериалларын сулууспата уһулбут «Омоон суоллар. Искупление» киинэтэ XXV бүтүн россиятааҕы «ТЭФИ-Регион» телевизионнай куонкурус финалыгар таҕыста. Ону тэҥэ финалга, «Игровой фильм/сериал» анал аакка, «Тюменское время» уһулбут «Вахта памяти» уонна калугатааҕы «Ники ТВ» «Останься. Детство» хартыыналара киирдилэр. Киинэ «Омоон суоллар» сериал салгыыта буолар. Туруорааччы режиссер — Радомир Томскай, сценарий ааптара — Октябрина Шестакова. «ТЭФИ-Регион» кыайыылаахтарын Ярославьлга наҕараадалыахтара. Манна сэтинньи 17–20 күннэригэр куонкурус түмүктүүр тэрээһиннэрэ буолуохтара. Лауреаттарга скульптор Эрнст Неизвестнай боруонсаттан оҥорбут «Орфей» статуэткаларын туттарыахтара. Киинэ сэтинньи 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ киинэ тыйаатырдарыгар сүрэхтэниэҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube