НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 3 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Сунтаар улууhун 225 сылыгар анаммыт «Сунтаарым мин дойдум» хор күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык ааста Алтынньы 9 күнүгэр «Партизан» норуот айымньытын театральнай киинин сыанатыгар В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэрин икки ардыгар «Сунтаарым мин дойдум» хор күрэҕэ ыытылынна. Бу кэрэхсэбиллээх түбэлтэҕэ уопсайа 17 кылаас хор коллектива кыттан, бэйэлэрин айар дьоҕурдарын уонна төрөөбүт дойдуга тапталларын ырыа нөҥүө көрдөрдүлэр. Күрэх сүрүн сыалынан оҕолорго төрөөбүт дойдуларыгар тапталы, киэн туттууну иҥэрии, ырыа искусствотыгар сыһыарыы уонна коллективнай үлэҕэ үөрэтии буолла. Оҕолор хас биирдиилэрэ бэлэмнэммит ырыаларын иэйиилээхтик толорон, көрөөччүлэр уонна дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ыллылар. Сценаҕа оҕолор төрөөбүт дойдуларын, айылҕатын, дьонун-сэргэтин хоһуйар ырыалары ыллаатылар. Кинилэр үрдүк таһымнаах бэлэмнээхтэрэ уонна сүрэхтэн тахсар толоруулара оскуолаҕа хор искусствота олус күүскэ сайдарын туоһулаата. «Сунтаарым мин дойдум» хор күрэх оҕолорго эрэ буолбакка, учууталларга уонна төрөппүттэргэ эмиэ кэрэ түгэннэри бэлэхтээтэ. Маннык тэрээһиннэр оҕолору патриотическай тыыҥҥа иитэллэригэр, култуураны өйүүргэ уонна бииргэ үлэлииргэ үөрэтэллэригэр улахан суолталаахтар. Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар уонна призердар грамоталарынан уонна сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаланыахтара. Ол эрээри, бу күн бары кыттыылаахтар дьоһуннаах кыайыыны ситистилэр – төрөөбүт дойдуларыгар тапталларын ырыанан эттилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080012 Oct 07:5410 Nov 22:0669712 Oct 07:54: 0 views10 Nov 22:06: 697 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
12 Oct 2026, 07:540
10 Nov 2026, 22:06697

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.