НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 3 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
edited

Сорох категориялаах гражданнар наадалаах эми-тому ылаллар Өрөспүүбүлүкэҕэ льготалаах эмтэри атыылаһыы кээмэйин намтатар былааннаммат диэн Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ иһитиннэрдэ. Бу хайысханы үбүлээһин ааспыт сыллааҕы кээмэйтэн икки төгүл улаатта. «Эминэн-томунан хааччыйыыга уларыйыы суох. Дьон-сэргэ доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ судаарыстыба биир тутаах өҥөтө», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Ыскылаакка баар саппаастан эми-тому тиэрдии тохтоло суох барар. Олоххо тыын суолталаах эмтэр сыл бүтүөр диэри толору бааллар, ол иһигэр сахарнай диабеттаах ыарыһахтарга инсулин, ону тэҥэ онкологическай, ревматологическай уонна пульмонологическай ыарыылары эмтиир эмтэр. Өскөтүн эми-тому тиэрдиигэ хаалыы баар буоллаҕына СӨ доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин уонна «Сахафармация» АУо кытта боппуруос быһаарыллар. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080012 Oct 08:3210 Nov 22:0665412 Oct 08:32: 0 views10 Nov 22:06: 654 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
12 Oct 2026, 08:320
10 Nov 2026, 22:06654

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.