🚁🆘🙏🏻Муома улууһугар Ми-8 бөртөлүөтүнэн эр киһини эвакуациялаатылар Бүгүн, балаҕан ыйын 29 күнүгэр, Муома улууһугар көрдүүр-быыһыыр үлэ ситиһиилээхтик түмүктэннэ. «Полярные авиалинии» Ми-8 бөртөлүөтэ 1965 сыллаах төрүөх эр киһини Хонуу сэлиэнньэтигэр илдьибит. Көтөр аал Үөһээ Дьааҥы улууһун Баатаҕай бөһүөлэктэн көттө. Эмсэҕэлээбит киһини эвакуациялыырга СӨ Быыһыыр сулууспатын Үөһээ Дьааҥытааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтин 4 быыһааччыта, ИДьМ үлэһитэ уонна суолдьут кытыннылар. СӨ Быыһыыр сулууспатын Үөһээ Дьааҥытааҕы КБЭ быыһааччыта, бөлөх старшайа Денис Старостин этэринэн, эр киһини Эрикит өрүс кытылыгар, Вал үрэх төрдүттэн булбуттар. Эмсэҕэлээбит туруга чуолкайданар. Эр киһи спутниковай төлөпүөнүнэн туһаммыт буолан көмөнү ыҥырбыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.9/day
last 9 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 29 Sep 2026, 12:03 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 969 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.