НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.9/day last 8 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Томпо улууһугар тыы түҥнэстэн ууга былдьаммыт балыксыт өлүгүн буллулар Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтин Уолба диэн сиригэр баар күөлгэ 1965 сыллаах төрүөх эр киһи өлүгүн волонтердар буллулар. Быһылаан балаҕан ыйын 27 күнүгэр балыктааһын кэмигэр тахсыбыт. Икки эр киһи тыылара түҥнэстэн ууга түспүт. Балыксыттартан биирдэстэрэ бэйэтэ биэрэккэ харбаан тахсар кыахтаммыт, иккиһэ ууга тимирбит. Бүгүн, балаҕан ыйын 29 күнүгэр, күнүс 15:00 чаас саҕана волонтердар ууга былдьаммыт киһи өлүгүн булбуттар. Бүгүн сарсыарда быһылаан тахсыбыт сиригэр СӨ Быыһыыр сулууспатын түөрт быыһааччыта тиийбит. Кинилэр билигин бастайааннай дислокацияларыгар төннөн эрэллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080029 Sep 08:4610 Nov 22:0664329 Sep 08:46: 0 views10 Nov 22:06: 643 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
29 Sep 2026, 08:460
10 Nov 2026, 22:06643

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.