НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.9/day last 17 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. edited

    Саха сиригэр 2026 сылга национальнай бырайагынан 100-чэ км суол нуормаҕа эппиэттиир турукка киириэҕэ Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайагынан суол-иис 94,6 килэмиэтирин нуормаҕа эппиэттиир турукка түһэриэхтэрэ. Ол иһигэр 75 км — регионнааҕы суолталаах, оттон 6,9 км — Дьокуускай куорат агломерациятыгар олохтоох суолталаах. Маны таһынан 20 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх дьоҕус агломерацияларга 12,5 км саҥардыллыаҕа. Билиҥҥи туругунан нуормаҕа 28,6 км киирбитин туһунан СӨ Тырааныспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Лиэнскэйгэ Дзержинскай уулуссаҕа 0,2 км усталаах — Пролетарскайтан Якутскайга диэри — суол учаастагар хапытаалынай өрөмүөн түмүктэннэ. Үлэһиттэр олоҕун бэлэмнээн баран, аспаал-бетон икки араҥатын уурдулар, сатыы сылдьар дьон куттала суох сылдьарыгар саҥа тротуар балаһатын оҥордулар. Эбийиэги бу күннэргэ үлэҕэ киллэрэргэ бэлэмнииллэр. «Дзержинскай уулуссаҕа урут суох тротуардары оҥордулар. Сатыы сылдьар сирдэргэ тротуар плиткатын уурдулар, оттон суолга холбоһор сирдэргэ табыгастаах намтааһыннары оҥордулар. Оҕо кэлээскэтин анньарга олус табыгастаах уонна үчүгэй буолла», — диэн Лиэнскэй олохтооҕо Анна кэпсээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. repost

    🎉🎊Бастакы ТООКУ ФЕСТ хайдах ааспытай? Быйыл үтүө үгэскэ кубулуйбут бэстибээлбит төрһүс төгүлүн ыытыллар. Манан сиэттэрэн, бу иннинээҕи анимация киэҥ түһүлгэлэрэ хайдах ааспыттарын ахтан-санаан ааһыахпыт! «САХА» НКИХ тэрийбит «ТООКУ ФЕСТ» маҥнайгы сахалыы ойуулук бэстибээлэ 2023 сыл ҕйалтынньы 14 күнүгэр Үлэ кыбаарталын дьиэтигэр буолан ааспыта. Бэстибээлгэ уопсайа 800-тэн тахса киһи ыалдьыттаабыта, оттон үөрэтэр тэрээһиннэргэ 300-тэн тахса киһи сылдьыбыта. Үөһээ Бүлүүттэн, Нүөрүҥгүрүттэн, Горнайтан, Намтан, Хаҥаластан, ыраах Татарстантан кытта ыалдьыттар кэлбиттэрэ. Тэрээһин Үлэ кыбаарталын дьиэтигэр 4 сиринэн ыытыллыбыта. Ол курдук, маҥнайгы этээскэ улахан саалаҕа ойуулуктар сүрэхтэниилэрэ, бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт 5 күрэх наҕараадалааһына, ону таһынан ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-битиилээх кэнсиэр буолбута. Онтон быыстапка саалатыгар оҕолорго аналлаах маастар-кылаастар, дьарыктар, саха төрүт оонньуулара, квест оонньуу ыытылыннылар. Иккис этээскэ «ТООКУ ФЕСТ» чэрчитинэн Петр Николаев, Вячеслав Егоров, Маайа Пестерева, Үүнэр көлүөнэ паарката уонна Смарт бибилэтиэкэ анимацияҕа маастар-кылаастары тэрийбиттэрэ. Үһүс этээскэ анимацияҕа сыһыаннаах, бу эйгэҕэ көстөр-биллэр спикердэр лиэксийэлэри аахпыттара. Үгүс дьон маҥнайгы тэрээһин үрдүк таһымнаах ааспытын бэлиэтээбиттэрэ, сахалыы ойуулук эйгэтэ хаҥаан иһэрин хайҕаабыттара! @tookufest

  3. repost

    СОНУННАР Хаҥалас улууһугар Покровскайга Саха төрүт күрэстэрин көрүҥнэрин киэҥ араҥаҕа таһааран сайыннарар сыаллаах-соруктаах Өбүгэлэр оонньууларын тэрийэн ыыттылар. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK

  4. Уус Алдан улууһун тимир уустара балаҕан ыйын 10 күнүгэр экспедицияҕа туруммуттара nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. edited

    Томпо улууһугар быыһааччылар уу былдьаммыт балыксыты көрдүү бардылар Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтин Уолба алааһын күөлүгэр балыктааһын кэмигэр 1965 сыллаах төрүөх эр киһи ууга былдьаммытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Барыллаан иһитиннэриинэн, икки эр киһи балыктыы барбыт. Тыылара түҥнэстибит. Биирдэстэрэ биэрэк тахсан быыһаммыт, оттон иккис балыксыт кыайан ууттан тахсыбатах. Көрдүүр-быыһыыр үлэҕэ 3 киһилээх, 10 волонтердаах бөлөх үлэлиир. Кинилэр биэрэк аттын, 4 тыынан күөлү көрбүттэр. Тыыны күөлтэн таһаарбыттар, ол эрээри эр киһи өлүгүн булбатахтар. Бүгүн, балаҕан ыйын 29 күнүгэр, Валерий Андросов салалтатынан түөрт быыһааччылаах бөлөх быһылаан тахсыбыт миэстэтигэр айаннаата. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 💎👨🏻‍🍳«Саха сирин бриллиана»: Владимир Герасимов «Талбан» биэриигэ ыалдьыттыаҕа Балаҕан ыйын 30 күнүгэр 19.15 чаастан НВК «Саха» ханаалга «Талбан» биэриигэ талааннаах асчыт Владимир Герасимов кыттыыны ылыаҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. 📲2027 сылга Үөһээ Дьааҥы улууһун 19 сэлиэнньэтэ түргэн тэтимнээх интэриниэккэ холбонуоҕа «Синергия Арктики» бырайыак чэрчитинэн Үөһээ Дьааҥы улууһугар волоконно-оптическай сибээс линиятын тардыы салҕанар. Бу ыраах суоллаах-иистээх, уустук усулуобуйалаах сирдэргэ тутуллар инфраструктура бырайыак ыарахан хайысхатынан ааҕыллар. Быйыл Томпо улууһугар Тополинай сэлиэнньэтигэр линияны тардаллар. Салгыы тутуу үлэтэ «Тополинай — Баатаҕай», «Баатаҕай — Баатаҕай Алыыта» уонна «Баатаҕай — Депутатскай» учаастактарга салҕаныаҕа. Ол түмүгэр 2027 сылга Үөһээ Дьааҥы улууһун 19 нэһилиэнньэлээх пууна түргэн тэтимнээх интэриниэккэ холбонуоҕа.Үлэни барытын «АрктикТелеком» АУо ыытар. Бу туһунан СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. repost

    АМАН ӨС Күннээҕи олоххор, кэпсэтэр тылгар сомоҕо домохтору, өс хоһооннорун тутта үөрэн😉 Тылгын байыт, саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаан көр. Төрөөбүт тылгын баһылаа. ▶️"Аман өс" бүгүҥҥү быһаарыытын көтүтүмэ. 🎙️Айсан Гермогенов ааҕар. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  9. Оскуола оҕолоругар аналлаах бырайыак — РУВИКИ сайт — сүрэхтэннэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. 🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 😃👋👍🍂🍁 Көтөҕө үллүктээх Сэбирдэх көбүөрдээх Көмүс күһүммүт санааны көтөҕөр саргылаах сарсыардата саҕаламмытынан Истиҥ иһирэх иэйиилээх эйэҕэс эҕэрдэ кэһиилээх үөрүү-көтүү үктэллээх үтүө күн үүммүтүнэн. 😃✊💪👍🙏 Дьуон Элэһин. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. Программа ТВ НВК "Саха" на 29 сентября (вт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Харах далыгар 12+ 15:30-Аартык 12+ 15:45-Репортаж 12+ 16:00-В эфире-филармония Якутии 12+ 16:30-Кэм кэрэһитэ 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Сонуннар 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Талбан 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Күһүҥҥү хараҥаҕа 12+ 21:45-Үлэ дьоно 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Талбан 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Үлэ дьоно 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарастыбаннаһын күнүгэр Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар Исиидэр Бараахап мэҥэ тааһыгар миитиҥ буолла nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. Судаарыстыбыннас күнүн иннинэ Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах үлэһиттэргэ уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда. Уордьаннары, мэтээллэри уһулуччулаах учууталлар, быраастар, тутааччылар уонна бырамыысыланнас үлэһиттэрэ ыллылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. Бөдөҥ судаарыстыбаннай диэйэтэл, суруйааччы Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт, киинэ түспүт ытык сиригэр — Чөркөөх сэлиэнньэтин Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар өрөгөйдөөх кэриэстэбил тэрээһинэ буолан ааста. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. Кэлиҥҥи сылларга дьоҕус уонна орто урбаан өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн оруоллааҕын көрдөрөр. Ньурба улууһугар эһиилги тохсус Спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн, урбаанньыттарга форум тэрилиннэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. Бүлүү куоратыгар «Иэйии» диэн коллекционердар кулууптара үлэлээбитэ уонча сыл буолла. Бу кэм устата элбэх экспонаты мунньан, хас биирдии мал историятын үөрэтэн араас быыстапкалары тэрийэллэр. Сиһилии сюжекка көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. 🔆✨Дьокуускай куорат 1 №-дээх оскуолатын 3 «Б» кылааһын үөрэнээччилэрин клиптэрин көрүөххэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. Older posts