🌲Саха сиригэр ойуур баһаардарын утары ураты эрэһиим тохтоото От ыйын 10 күнүттэн олохтоммут өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур баһаардарын утары ураты эрэһиими уһуллулар. Тустаах быһаарыы ойуурга баһаар турар куттала суоһаабытынан ылылынна. Туһааннаах ыйаахха Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев илии баттаата. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар баһаар кутталынан улуустарга, нэһилиэктэргэ киирбит эбии ирдэбиллэри тохтотору уонна олохтоохторго, тэрилтэлэргэ, тэриллиилэргэ ол туһунан иһитиннэрэри сүбэлээтилэр. Тустаах ыйаах туолуутун СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы эбээһинэһин толорооччу Николай Бочков хонтуруоллуур. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube