👩🏻🏫💐Бастыҥ уһуйааннары уонна иитээччилэри чиэстээтилэр Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Иитээччи күнүн чэрчитиэн бастыҥ уһуйааннары уонна иитээччилэри чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай таһымнаах судаарыстыбаннай наҕараадалар туттарылыннылар, ону тэҥэ «Тыа сирин бастыҥ уһуйаана» куонкурус түмүгүн таһаардылар. РФ үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ үрдүкү аат икки педагокка иҥэрилиннэ: Амматааҕы «Солнышко» уһуйаан иитээччитэ Аграфена Артемьева уонна Дьокуускай 13 №-дээх «Светлячок» уһуйаана Марфа Михайлова. РФ Үөрэҕирии министиэристибэтин туйгун бэлиэтэ Хаҥаластааҕы 2 №-дээх «Ромашка» уһуйаан иитээччитэ Светлана Шеферга туттарылынна. Саха сирин үөрэҕин туйгуна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Догдоҥо уһуйаанын иитээччитэ Аксинья Морозова буолла. 26 дээх «Кустук» уһуйаан педагог-психолога Сардаана Унарова «СӨ оскуола иннинээҕи үөрэҕэр кылаатын иһин» аат туттарылынна. Эбии 8 иитээччи Ил Түмэн уонна Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт наҕараадаларын ылбыта. «Тыа сирин бастыҥ уһуйаана — 2026» бырааһынньык кыайыылаахтарын иһитиннэрдилэр, 24 улуустан 34 уһуйаан кыттыыны ылар. Күрэс муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар: Нам улууһун Кыһыл Сыыртан 1 №-дээх «Мичийээнэ» уһуйаан; Уус Алдан улууһун Уус Күөл сэлиэнньэтиттэн 10 №-дээх «Чуораанчык» уһуйаан; Уус Маайа улууһун Петропавловскайыттан «Аленушка» уһуйаан; Эбээн Бытантай улууһун Саккырыырыттан «Хаарчаана» уһуйаан; Үөһээ Бүлүүттэн Оҕо сайдыытын киинэ – «Ыллыкчаан» уһуйаан; Ньурба улууһуттан Сүлэ сэлиэнньэтиттэн «Улыбка» уһуйаан; Эдьигээн улууһун Эдьигээн сэлиэнньэтиттэн Оҕо сайдыытын киинэ – «Звездочка» уһуйаан. Хаартыска: ЯСИА/Саргын Скрябин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.9/day
last 9 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 29 Sep 2026, 09:29 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 745 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.