НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 26 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
edited

Саха сиригэр 2026 сылга национальнай бырайагынан 100-чэ км суол нуормаҕа эппиэттиир турукка киириэҕэ Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайагынан суол-иис 94,6 килэмиэтирин нуормаҕа эппиэттиир турукка түһэриэхтэрэ. Ол иһигэр 75 км — регионнааҕы суолталаах, оттон 6,9 км — Дьокуускай куорат агломерациятыгар олохтоох суолталаах. Маны таһынан 20 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх дьоҕус агломерацияларга 12,5 км саҥардыллыаҕа. Билиҥҥи туругунан нуормаҕа 28,6 км киирбитин туһунан СӨ Тырааныспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Лиэнскэйгэ Дзержинскай уулуссаҕа 0,2 км усталаах — Пролетарскайтан Якутскайга диэри — суол учаастагар хапытаалынай өрөмүөн түмүктэннэ. Үлэһиттэр олоҕун бэлэмнээн баран, аспаал-бетон икки араҥатын уурдулар, сатыы сылдьар дьон куттала суох сылдьарыгар саҥа тротуар балаһатын оҥордулар. Эбийиэги бу күннэргэ үлэҕэ киллэрэргэ бэлэмнииллэр. «Дзержинскай уулуссаҕа урут суох тротуардары оҥордулар. Сатыы сылдьар сирдэргэ тротуар плиткатын уурдулар, оттон суолга холбоһор сирдэргэ табыгастаах намтааһыннары оҥордулар. Оҕо кэлээскэтин анньарга олус табыгастаах уонна үчүгэй буолла», — диэн Лиэнскэй олохтооҕо Анна кэпсээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080029 Sep 05:5710 Nov 22:0669529 Sep 05:57: 0 views10 Nov 22:06: 695 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
29 Sep 2026, 05:570
10 Nov 2026, 22:06695

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.