📲2027 сылга Үөһээ Дьааҥы улууһун 19 сэлиэнньэтэ түргэн тэтимнээх интэриниэккэ холбонуоҕа «Синергия Арктики» бырайыак чэрчитинэн Үөһээ Дьааҥы улууһугар волоконно-оптическай сибээс линиятын тардыы салҕанар. Бу ыраах суоллаах-иистээх, уустук усулуобуйалаах сирдэргэ тутуллар инфраструктура бырайыак ыарахан хайысхатынан ааҕыллар. Быйыл Томпо улууһугар Тополинай сэлиэнньэтигэр линияны тардаллар. Салгыы тутуу үлэтэ «Тополинай — Баатаҕай», «Баатаҕай — Баатаҕай Алыыта» уонна «Баатаҕай — Депутатскай» учаастактарга салҕаныаҕа. Ол түмүгэр 2027 сылга Үөһээ Дьааҥы улууһун 19 нэһилиэнньэлээх пууна түргэн тэтимнээх интэриниэккэ холбонуоҕа.Үлэни барытын «АрктикТелеком» АУо ыытар. Бу туһунан СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube