Томпо улууһугар быыһааччылар уу былдьаммыт балыксыты көрдүү бардылар Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтин Уолба алааһын күөлүгэр балыктааһын кэмигэр 1965 сыллаах төрүөх эр киһи ууга былдьаммытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Барыллаан иһитиннэриинэн, икки эр киһи балыктыы барбыт. Тыылара түҥнэстибит. Биирдэстэрэ биэрэк тахсан быыһаммыт, оттон иккис балыксыт кыайан ууттан тахсыбатах. Көрдүүр-быыһыыр үлэҕэ 3 киһилээх, 10 волонтердаах бөлөх үлэлиир. Кинилэр биэрэк аттын, 4 тыынан күөлү көрбүттэр. Тыыны күөлтэн таһаарбыттар, ол эрээри эр киһи өлүгүн булбатахтар. Бүгүн, балаҕан ыйын 29 күнүгэр, Валерий Андросов салалтатынан түөрт быыһааччылаах бөлөх быһылаан тахсыбыт миэстэтигэр айаннаата. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube