🎉🎊Бастакы ТООКУ ФЕСТ хайдах ааспытай? Быйыл үтүө үгэскэ кубулуйбут бэстибээлбит төрһүс төгүлүн ыытыллар. Манан сиэттэрэн, бу иннинээҕи анимация киэҥ түһүлгэлэрэ хайдах ааспыттарын ахтан-санаан ааһыахпыт! «САХА» НКИХ тэрийбит «ТООКУ ФЕСТ» маҥнайгы сахалыы ойуулук бэстибээлэ 2023 сыл ҕйалтынньы 14 күнүгэр Үлэ кыбаарталын дьиэтигэр буолан ааспыта. Бэстибээлгэ уопсайа 800-тэн тахса киһи ыалдьыттаабыта, оттон үөрэтэр тэрээһиннэргэ 300-тэн тахса киһи сылдьыбыта. Үөһээ Бүлүүттэн, Нүөрүҥгүрүттэн, Горнайтан, Намтан, Хаҥаластан, ыраах Татарстантан кытта ыалдьыттар кэлбиттэрэ. Тэрээһин Үлэ кыбаарталын дьиэтигэр 4 сиринэн ыытыллыбыта. Ол курдук, маҥнайгы этээскэ улахан саалаҕа ойуулуктар сүрэхтэниилэрэ, бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт 5 күрэх наҕараадалааһына, ону таһынан ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-битиилээх кэнсиэр буолбута. Онтон быыстапка саалатыгар оҕолорго аналлаах маастар-кылаастар, дьарыктар, саха төрүт оонньуулара, квест оонньуу ыытылыннылар. Иккис этээскэ «ТООКУ ФЕСТ» чэрчитинэн Петр Николаев, Вячеслав Егоров, Маайа Пестерева, Үүнэр көлүөнэ паарката уонна Смарт бибилэтиэкэ анимацияҕа маастар-кылаастары тэрийбиттэрэ. Үһүс этээскэ анимацияҕа сыһыаннаах, бу эйгэҕэ көстөр-биллэр спикердэр лиэксийэлэри аахпыттара. Үгүс дьон маҥнайгы тэрээһин үрдүк таһымнаах ааспытын бэлиэтээбиттэрэ, сахалыы ойуулук эйгэтэ хаҥаан иһэрин хайҕаабыттара! @tookufest
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%679 avg views
Posting
21.8/day
last 26 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 29 Sep 2026, 05:36 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 677 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.