⚡️Ил Дархан Үөһээ Дьааҥы улууһугар ардах халааныттан эмсэҕэлээбит дьон төлөбүрдэрин туһунан: 900-тэн тахса киһи материальнай көмөнү ылыахтаах. Эбии 90-тан тахса дьиэ кэргэн баайын-дуолун сорҕотун сүтэрбитин иһин компенсация ылыаҕа. Биир дьиэ олорорго табыгаһа суох диэн быһаарыллыбыт, сыаната толору төлөнүөҕэ. Ил Дархан алтынньы 1 күнүгэр диэри төлөбүрдэри барытын биэрэргэ сорук туруорбут. Кэлэр нэдиэлэҕэ ардах халааныттан эмсэҕэлээбит дьон харчыларын ылан саҕалыахтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube