🧑🧑🧒🧒💰Ил Дархан Айсен Николаев «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын туһунан: Саха сиригэр төрдүс уонна онтон салгыы төрөөбүт оҕолорго бэриллэр «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын оннунан хаалларар туһунан быһаарыы ылылынна. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэрии кэмигэр санатта. «Ааспыт сылга мин анал туһаайыыбар ити туһунан этэн турардаахпын. Ол кэнниттэн мин этиибин бырабыыталыстыба, парламент өйөөбүттэрэ. Биһиги төрдүс уонна онтон салгыы төрөөбүт оҕолорго бэриллэр «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын оннунан хаалларыахтаахпыт. Билигин хапытаал 300 тыһ тахса солк тэҥнэһэр», — диэн Айсен Николаев эттэ. Кини этэринэн, ааспыт сыл түмүгүнэн тустаах төлөбүрү 1300-тэн тахса дьиэ кэргэн ылбыт. Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube