Дьокуускай мээрэ 25 №-дээх оптуобуһу төннөрөргө сорудахтаата Бу туһунан киин куорат баһылыга Дмитрий Садовников балаҕан ыйын 28 күнүнээҕи уопсай куораттааҕы мунньахха иһитиннэрдэ. Мээр бэлиэтииринэн, бу иннинэ 25 №-дээх оптуобуһу төннөрүөххэ диэн олохтоохтор көрдөспүттэр. Ону тэҥэ маннык этии Ил Дархан Айсен Николаев Быһа эпииригэр киирдэ. Бу боппуруоһу Дмитрий Садовников быһаарарга сорудахтаата. Ону таһынан, мээр куоракка оптуобус тохтобулларын туруктарыгар болҕомтотун ууран бэрээдэктииргэ модьуйда. Хаартыска: киин куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube