🇷🇺📨Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Дуума депутаттарын быыбарын туһунан: «Быыбар көрдөрүүлэрин үчүгэй диэн сыаналыыбын. Саха сиригэр сөптөөх, туһалаах дьон талылыннылар. "Единая Россия" депутаттара олус кыахтаахтар. Галина Данчикова — экономикаҕа уонна бүддьүөт систиэмэтигэр үлэлээбит улахан уопуттаах, оттон Петр Шамаев — саҥа көлүөнэ салайааччыта, ыччат миниистиринэн үлэлээбитэ, бэйэтин баҕа өттүнэн дойдутун көмүскээбитэ», - диэн СӨ баһылыга эттэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, олохтоохтор быыбар нөҥүө Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путины өйүүллэрин уонна сайдыы уопсай соруктарын тула түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр. Быыбар дойду үрдүнэн уустук балаһыанньаҕа ыытыллыбытын Айсен Сергеевич эттэ. Украина дроннара быыбарга мэһэйдии сатаабыт. Ол эрээри Россия киин өттүгэр элбэх киһи куоластаабыта биллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube