✈️ Саха сиригэр олохтоох авиарейстэргэ чэпчэтии бырагырааматын үлэтэ салҕаныаҕа Өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох авиарейстэргэ чэпчэтии бырагырааматын үлэтэ кэлэр сылга салҕаныахтаах. Билигин 2027 сыл бүддьүөтэ оҥоһуллар. Онно үбүлээһин сөптөөх кээмэйин көрүөхтэрэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэриитигэр иһитиннэрдэ. «Кэлэр сылга субсидиялаах билиэттэргэ быйылгыга курдук үбүлээһини көрөргө быһаарыы ылылынна. Мин бырабыыталыстыбаҕа бүддьүөт иккис ааҕыытын кэмигэр авиацияны чопчу учуоттуур сорудаҕы биэрдим. Бырабыыталыстыба бу быһаарыыны толоруо диэн эрэллээхпин», — диэн Ил Дархан эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube