НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 27 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. repost

    Невозможное существует ровно до того момента, пока кто-то не докажет обратное Одной из сильных глав шоу «Вызов» на МФМ-2026 стала глава, посвящённая истории Рустама Набиева. Человека, который в 2015 году при обрушении казармы ВДВ в Омске провёл под завалами более 7 часов, перенёс клиническую смерть и лишился обеих ног. Но он нашёл в себе силы жить дальше несмотря ни на что. И в прямом смысле слова покорил вершины: он поднялся на Эльбрус, Манаслу, Аконкагуа, Килиманджаро, Арарат, Эверест. Его путь стал примером мужества, веры и огромной внутренней силы. «Я не считаю себя супергероем. Если уж во мне есть какая-то суперсила, то она точно не в моих руках и не в количестве покорённых мной вершин. Моя суперсила заложена в обычных человеческих качествах: в характере, в дисциплине, в ответственности», – рассказал Рустам Набиев. Гордимся! Шоу поставила команда арт-кластера «Таврида». Больше новостей — в канале Росмолодёжи в Максе

  2. +2

    ☀️🙂✊🏼Саҥа күнүнэн, Сарыал кыыһан тахсыыта, Эҕэрдэни ыытыһан Эйэни түстүөҕүн, Дорообонон доҕуһуоллаан Доруобуйаны баҕарсыаҕын, Киэҥ, холку санаанан Үтүөнү ыралыаҕын, Сырдык санаа холбоһон Барыта этэҥҥэ буолуохтун nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 16 сентября (ср.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 07:57-Выборы-2026 12+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Дойдум дьоно 12+ 11:15-Году культуры и единства народов 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 6+ 13:15-Актуальное интервью 12+ 13:27-Выборы-2026 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:03-Хранители времени 12+ 16:30-Выборы-2026 12+ 16:45-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара. Ольга Иванова-Сидоркевич 12+ 17:15-Асчыттар 6+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Суорун Омоллоон уонна Суотту музейа. 3 ч. 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Актуальное интервью 12+ 19:27-Выборы-2026 12+ 19:30-Сайылык 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Сайда тур, Сахам Сирэ!" телесериал 12+ 21:45-Дойдубут туһугар 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Сайылык 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. 🍃🌿АЛРОСА экологияҕа киинэ сыл аайы Бүлүү бөлөх улуустарыгар «Обрегай природу» диэн экологическай аахсыйаны ыытар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. repost

    🤩👏🏻Үөрүүлээх сонун: «Тооку уонна Чысхаан» ойуулук ТЭФИ-КИДС 2026 бириэмийэ финалыгар киирдэ «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа толору кээмэйдээх ойуулуга «Тооку уонна Чысхаан» 8-с төгүлүн ыытыллар бүтүн Россиятааҕы национальнай ТЭФИ-КИДС 2026 бириэмийэ «Лучший анимационный фильм для детей» анал аат финалыгар киирдэ. Саха ойуулугун кытта «Мульт» ханаал «Геройчики. Незваный гость» бырайыага уонна СТВ хампаанньа «Маракуда» үлэтэ бааллар. Түмүгү алтынньы 26 күнүгэр Москваҕа Et Cetera тыйаатырга ТЭФИ-КИДС 2026 бириэмийэ кыайыылаахтарын чиэстиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ биллэриэхтэрэ. Күүтэбит! Долгуйабыт! Кыайыы биһиэнэ буолуо диэн эрэнэбит! @tookufest

  6. 🏫Хадан нэһилиэгэр нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр тосхолунан уһуйааҥҥа оҕо былаһаакката оҥоһуллубут. Ол туһунан уонна оскуола олоҕун Тускулаана Горохова-Кобельянова билиһиннэрэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскай куоракка «Дьиэ кэргэн улахан өрөбүллэрэ» Бүтүн Россиятааҕы барыл иитинэн тэрээһин ыытылынна nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. Бу күннэргэ Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгэр киэн туттар биир дойдулаахтарыгар- саха норуотун биир бастакы худуоһунньуга, муосчут, чеканщик, скульптор Иван Мамаевка биир дойдулаахтара анал сквер тутан үлэҕэ киллэрдилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. 👩‍⚕️🏥Үөһээ Бүлүү Нам нэһилиэгин фельшерскай акушерскай пуунугар өр сылларга быраастаабыт, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр бэриниилээх үлэтин иһин, биир идэлээхтэригэр холобур буолар маҕан халааттаах аанньал Лидия Филипповна Корякина аатын иҥэрдилэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. 🎵🎶Ырыа олоҕу сымнатар! Саҥа саунд диэн ырыа устар студия үлэтин хамнаһын билсэбит. Ырыа хайдах сурулларын, айылларын Николай Федоров билистэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. Саха народнай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 120 сылынан төрөөбүт дойдутугар Тааттаҕа дьоро тэрээһиннэр буоллулар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. 🏥Уус Алдан улууһугар социальнай десант үлэтин саҕалаата Бу үлэни улуус бары нэһилиэнньэлээх пууннарын хабар инниттэн, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин кэлим киинэ сыллата ыытар. Социальнай десант ханнык нэһилиэктэргэ сырытта? nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. edited

    🖼️🎨Майаҕа оҕо ускуустубатын оскуолатыгар сокуону кэһиини сэрэтэр уруһуй куонкуруһун түмүгүн таһаардылар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Марина Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар сокуону кэһиини сэрэтэр уруһуй куонкуруһун түмүгүн таһаардылар. Оҕо ускуустубатын оскуолатыгар художественнай кылааска оҕолору 10 саастарыттан ылаллар. Үөрэнээччилэр оскуоланы бүтэрэллэригэр ойуулуур-дьүһүннүүр уонна декоративнай-прикладной ускуустуба төрүттэрин баһылыыллар. Уопуттаах преподавателлэр оҕолору биэс сылтан ордук сүрүн дисциплиналарга, ол курдук академическай уруһуй, живопись, станковай уонна декоративнай композицияны үөрэтэллэр. Ускуустуба устуоруйатын, скульптураны уо.д.а. үөрэтэллэр. Үөрэнээччилэр акварель, гуашь, пастель, арыы уонна араас графическай инструменнарынан үлэлииллэр. Оҕолор сылын аайы араас куонкурустарга кытталлар уонна бириистээх миэстэлэри ылаллар. Улуус баһылыгын солбуйааччыта Василий Филиппов уонна «Азбука» хампаанньа бэрэстэбиитэлэ Елена Николаева сокуону кэһиини сэрэтэр уруһуйдар куонкурус түмүктэринэн кыайыылаахтарга бэлэхтэри туттардылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. 🥶🌡️Саха сиригэр хотугу тымныылар соһуччу саҕаланнылар Дьокуускайга бастакы инчэҕэй хаар түстэ. Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдах буолуой? nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. repost

    ◼️ Сегодня в Чурапче проводили в последний путь известного борца Николая Аянитова. Он был участником Олимпийских игр в Лондоне, чемпионатов мира и Азии. Николай побеждал на первенстве России, становился призером международного турнира Гран-при «Иван Ярыгин». ◼️ Его путь в мир большого спорта начался с яркой, запоминающейся победы на первенстве России среди юниоров, который прошел в мае 2006 года в столичном Дворце спорта «50 лет Победы». В финале против Махмуда Магомедова, Николай за 15 секунд до конца схватки сумел ухватить соперника за пятку и, тем самым, заработал выигрышный балл. Это яркую победу увековечили журналисты телеканала НТВ во главе со спортивным комментатором Василием Соловьевым. Она навсегда вошла в историю спортивной борьбы Якутии... ◾️ Выражаем глубокие соболезнования родным, близким Николая Аянитова и всем представителям вольной борьбы Якутии в связи с этой невосполнимой потерей.

  16. 🤧 Саха сиригэр нэдиэлэ устата ОРВИ-нан ыалдьыы ахсаана икки төгүл улааппыт Балаҕан ыйын 7-13 күннэригэр медицинскэй көмөнөн 7200 тахса киһи туһаммыт. Мантан 61%-на 14-гэр диэри саастаах оҕолор. Лабораторнай кэтээн көрүү түмүгүнэн, 74%-тан тахса түбэлтэ риновирус буолара бэлиэтэнэр. ОРВИ-нан ыалдьыы ахсаана улааппыта салгын температурата намтаабытын уонна сайыҥҥы сынньалаҥ, уоппуска кэнниттэн кэллэктииптэргэ вирус атастаһыытын кытта сибээстээх. СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ сэрэтэр миэрэлэри санатар: 3 «Р» — мыыланан илиигитин сууна сылдьыҥ, респираторнай гигиенаны тутуһуҥ, ыарыы сибикитэ баар буоллаҕына дьиэҕэ олоруҥ уонна бырааһы ыҥырыҥ. 3 «П» — дьиэни салгылатар буолуҥ, элбэх дьонноох сирдэргэ сылдьаргытын аҕыйатыҥ, грипп утары быһыынны туруортарыҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. repost
    +3

    Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олохтоохтору кытта көрсүһүү таһаарыылаахтык ыытылынна. 🔹 Нуораҕанаҕа социальнай эйгэни сайыннарыы боппуруостарын — медицинскэй көмө туругун уонна тиийимтиэтин, оскуола үлэтин, оҕолоох ыаллары өйөөһүнү, ону тэҥэ үөрэх тэрилтэлэрин наадалаах каадырдарынан хааччыйыыны дьүүллэстибит. 🔹 Тумулга тыа хаһаайыстыбатыгар ураты болҕомтону уурдубут. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын кытта судаарыстыбаннай өйөбүл дьаһалларын, хаһаайыстыбалары сайыннарыы, бородууксуйаны батарыы уонна наадалаах тиэхиньикэнэн хааччыйыы туһунан кэпсэттибит. Ону сэргэ биһиги байыастарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөбүлүн дьүүллэстибит. 🔹 Төҥүлүгэ каадырынан хааччыллыы, учууталлары уонна эдэр исписэлиистэри өйөөһүн, оҕолорго, ыччакка сөптөөх усулуобуйаны тэрийии туһунан кэпсэттибит. Ону тэҥэ биэнсийэлээхтэри өйөөһүн боппуруостарын, социальнай төлөбүрдэри уонна тыа сирдэригэр дьон олороругар, үлэлииригэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ субсидия көрүллүүтүн дьүүллэстибит. https://max.ru/channel_PetrShamaev

  18. edited

    Өлүөхүмэҕэ дьахтар отоннуу сылдьан ойуурга сүппүт Өлүөхүмэ улууһугар отоннуу сылдьан сүппүт дьахтары көрдүүллэр СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр. Балаҕан ыйын 9 күнүгэр дьахтар сүппүтүн туһунан иһитиннэрии оройуоннааҕыы биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспаҕа киирбит. 1953 сыллаах эр киһи уонна 1952 сыллаах төрүөх дьахтар тыынан Дельгэй сэлиэнньэтиттэн 50 килэмиэтирдээх Сосновка диэн алааска отоннуу барбыттар. Кэргэнниилэр отоннору хомуйарга арахсыбыттар, ол кэнниттэн дьахтар сүппүт. Эр киһи бэйэтэ көрдүү сатаабыт. Онтон кыыһыгар кэргэнэ сүппүтүн туһунан биллэрбит. Иһитиннэрии киирбитин кэнниттэн быыһыыр-көрдүүр үлэлэр саҕаламмыттар. Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Дьокуускайтан быыһааччылар этэрээттэрэ айаннаатылар. Көрдүүр үлэ салҕанар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. 🏫Бу күннэргэ Сунтаарга политехническай лицей-интернат дьиэтэ арыллыаҕа. Күн бүгүн тутуу үлэтэ түмүктэнэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. Older posts