НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 39 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. ⚡Саха сирин ойуурдарыгар ЧС эрэһиимин уһуллулар Ил Дархан Айсен Николаев балаҕан ыйын 14 күнүгэр тыаҕа ойуур баһаардарынан олохтоммут регионнааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимин тохтотор ыйаахха илии баттаата. Ойуурга улахан баһаардар умуруоруллубуттарын кэнниттэн, ону тэҥэ муниципальнай таһымнаах ЧС эрэһиимнэрэ уһуллубуттарынан тустаах быһаарыы ылылынна. «Уопсайынан ылан көрдөххө, биһиги туруоруллубут соруктары барытын толордубут. Баһаардар нэһилиэнньэлээх пууннар территорияларыгар киирбэтилэр. Баһаар утары үлэлэспит дьоҥҥо барыларыгар махталбын тиэрдэбин», — диэн Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ иһитиннэрдэ. Санатар буоллахха, ойуур баһаардарын балаһыанньата уустугунан от ыйын 10 күнүгэр регионнааҕы таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ олохтоммута. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. edited

    🐝🍯Билигин Саха сирин араас муннугар ыҥырыа иитээччилэр сезоннарын түмүктээн мүөттэрин сүүрдэн бүтэрэн эрэллэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 15 сентября (вт.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 07:57-Выборы-2026 12+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Выборы-2026 12+ 11:45-Актуальное интервью 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 6+ 13:15-Актуальное интервью 12+ 13:27-Выборы-2026 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:03-Күн дэлэйэ 6+ 16:30-Выборы-2026 12+ 16:45-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара 12+ 17:15-Просто вкусно 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Суорун Омоллоон уонна Суотту музейа. 2 ч. 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Актуальное интервью 12+ 19:27-Выборы-2026 12+ 19:30-Дойдум дьоно 12+ 19:45-Харах далыгар 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Сайда тур, Сахам Сирэ!" телесериал 12+ 22:00-Модун 12+ 22:30-Урбаан 6+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Дойдум дьоно 12+ 00:30-Харах далыгар 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. edited

    🤩👏ЧАБЫРҔАХСЫТТАР КҮРЭХТЭРЭ – «ТЫЫЙ!» Саха тыыннаах тылынан сиэдэрэйдик, норуот кылыс саҥатынан сиэрдээхтик, чаҕылхайдык чаҕаарар чаҕаан чабырҕах түһүлгэтэ – «Тыый!»үһүс төгүлүн НВК «Саха» ханаалга балаҕан ыйын 13 күнүгэр саҕаланна! Баскыһыанньа аайы 19.00 чаастан саха телевидениетигэр көтүппэккэ көрүҥ! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. ⚡️Саха сирин 22 үөрэх тэрилтэтэ хапытаалынай өрөмүөҥҥэ сүүмэрдиир түһүмэҕи ааста Саха сириттэн 22 үөрэх тэрилтэтэ Россия Үөрэҕирии министиэристибэтин хапытаалынай өрөмүөҥҥэ сүүмэрдиир түһүмэҕи ааста. Ол иһигэр 13 оскуола, 3 уһуйаан, 6 колледж уонна техникум киирдилэр. 2027–2029 сылларга федеральнай өйөбүл кээмэйэ 1,720 млрд тахса солк тэҥнэһэр. «СӨ Бырабыыталыстыбатыттан уонна муниципалитеттартан үбүлээһиҥҥэ уонна хас биирдии эбийиэккэ чуолкай үлэни күүтэбин. Өрөмүөн үрдүк хаачыстыбалаахтык оҥоһуллуохтаах уонна ыйыллыбыт болдьоҕор түмүктэниэхтээх. Биһиги үөрэх кыһалара үйэлээх буолалларын туһугар саҥардыы үлэтин ыытабыт. Оҕолор, устудьуоннар үөрэнэр усулуобуйалара, учууталлар, иитээччилэр күннээҕи үлэлэрэ өрөмүөн хайдах ыытылларыттан эмиэ тутулуктаах», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. repost

    Сегодня исполняется 120 лет со дня рождения Дмитрия Кононовича Сивцева – Суорун Омоллоона, народного писателя Якутии, Героя Социалистического Труда. «Я стараюсь убедить свой народ в его великих возможностях, его неисчерпаемом таланте», – говорил Дмитрий Кононович. Всей своей жизнью он подтверждал эту веру, оставив наследие, без которого невозможно представить культуру Якутии. Он участвовал в создании якутского букваря, писал учебники, создал либретто первой якутской оперы «Ньургун Боотур» и первого национального балета «Полевой цветок», стал основателем музеев в Черкехе, Соттинцах и Хадаайы. В нем бережное отношение к истории своего народа сочеталось со смелостью создавать новое. Он не только сохранял наше наследие, но и открывал новые пути для родного языка, литературы и искусства. Важная часть его наследия – работа над переводами религиозной литературы на якутский язык. Дмитрий Кононович переводил библейские книги, редактировал якутские переводы Нового Завета и Псалтири. В этом проявлялись его глубокая вера и забота о духовной жизни своего народа. Этим летом мне вручили первый экземпляр «Песни песней», изданной на основе его перевода. Его многолетний труд продолжает служить людям, открывая новым поколениям Священное Писание на родном языке. Суорун Омоллоон посвятил свою долгую жизнь родному народу, его культуре и духовному просвещению. На его книгах выросли поколения, его произведения живут на сцене, созданные им музеи хранят нашу историю. За всем этим – десятилетия подвижнического труда и глубокая вера в будущее Якутии. С благодарностью и глубоким уважением чтим память Дмитрия Кононовича. Его наследие остается с нами – в родном слове, в искусстве, в духовной жизни нашего народа. max.ru/aisen_nikolaev

  7. 🌨️❄️☔Киин улуустарга түүн 12 кыраадыска диэри тымныйыаҕа Саха сиригэр сылаас күннэр кэнниттэн күн-дьыл туруга биллэ мөлтөөтө. Оптуорунньук түүн киин улуустарга салгын температурата намтыаҕа. Күнү-дьылы кэтээн көрөр киин иһитиннэрэринэн, түүн киин өттүгэр 3-8 кыраадыс тымныы буоларын билгэлииллэр, оттон халлаан халыннаҕына 7-12 кыраадыска диэри тымныйыа. Дьокуускайга түүнүн салгын температурата -2, -4 кыраадыска тэҥнэһиэҕэ. Киин, соҕуруу, арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытынан, Дьааҥы өттүгэр сорох сиринэн ардах, инчэҕэй хаар түһүөҕэ. Күнүс киин өттүгэр +1,+6 кыраадыс буоларын сабаҕалыыллар, оттон хотугулуу-илин +9, +14, биэрэк кытылыгар -4, +1.Дьокуускай куоракка күнүс кыралаан инчэҕэй хаардаах ардах түһүөҕэ. Сөкүүндэҕэ 8-13 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕэ. Салгын температурата +1, +3 кыраадыска тэҥнэһиэҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. Өрөспүүбүлүкэ киинигэр икки саҥа тутуу аана тэлэччи арылынна nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. Өрөбүлгэ Дьокуускай төрүттэммитэ 394 сыла өрө көтөҕүллэн бэлиэтэннэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. edited

    ❄️🗻 Фильм «Ген Арктики» — на площадках «Якутия 24» Документальный проект о жизни коренных народов Севера доступен для бесплатного просмотра на цифровых площадках «Якутия 24». Главные герои — оленеводы-эвены из села Тополиное Томпонского района. Съемочная группа отправилась с ними в кочевье, чтобы показать, как традиции, язык и знание природы сохраняются в современной жизни. Особый акцент в проекте — на фотогалерее: кадры из кочевья, портреты героев и снимки повседневности передают культурный код Арктики не через музейные экспозиции, а через реальную жизнь семьи и труда. Премьера фильма прошла 27 августа, в День российского кино. Проект получил поддержку ИРИ, съёмки состоялись весной 2026 года в Якутии. Смотрите фильм и фотогалерею на площадках «Якутия 24». nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. repost
    +4

    Өрөспүүбүлүкэ улуустарын олохтоохторун кытары кэпсэтиим салҕанар. Хайыы-үйэ 19 улууска сылдьан, 10 тыһыынчаттан тахса биир дойдулаахтарбын кытта көрүстүм. Маннык көрсүһүүлэр дьону туох долгутарын ордук өйдүүргэ, боппуруостары быһаарыыга чопчу суоллары тобуларга көмөлөһөллөр. 🔹Сунтаар улууһугар олохтоохтору кытта сэттэ көрсүһүүнү ыыттым. Субсидиялар, аҕа көлүөнэни уонна дьоҕурдаах оҕолору өйөөһүн, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буойуттарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн, социальнай өйөбүл дьаһалларын, тыа нэһилиэктэрин сайыннарыы, тупсарыы уонна да атын суолталаах боппуруостары дьүүллэстибит. 🔹Арассыыйа Федерациятын Үлэ Дьоруойа Михайлов Владимир Африкановичтыын көрсөн кэпсэттим. Кини көмөтүнэн «Кириэстээх» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кээпэрэтиибигэр күн бүгүн 2000 тахса төбө ынах сүөһү иитиллэн турар, итиэннэ хаһаайыстыба сыл аайы элбэх үүтү ыыр. Өр сыллаах таһаарыылаах үлэтинэн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сүдү кылаатын киллэрбит киһини кытта бодоруһуу, кини такайыыларын истии уонна биһиги аграрийдарбытыгар суолталаах боппуруостары дьүүллэһии миэхэ улахан чиэс буолар. Хас биирдии улуус бэйэтэ ураты боппуруостардаах, ол эрэн биһигини барыбытын төрөөбүт сирбитигэр таптал, кини кэскилин иһин эппиэтинэс уонна өрөспүүбүлүкэбитин күүстээх, тупсаҕай оҥорор баҕа санаа ситимниир. Бары олохтоохторго аһаҕас, чиэһинэй кэпсэтиилэрин, итэҕэллэрин, кыһамньыларын иһин барҕа махталбын тиэрдэбин! https://max.ru/channel_PetrShamaev

  12. ⛽Балаһыанньа тупсан эрэр: Дьокуускайга 15 заправка бэнсиини кутар Саха сиригэр уматыгынан хааччыллыы балаһыанньата тупсан эрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай 15 заправкалыыр ыстаансыйатыгар АИ-92 уонна АИ-95 мааркалаах бэнсииннэри куталлар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ гражданскай көмүскэлгэ миниистири солбуйааччы Яна Наумова иһитиннэрдэ. Бэнидиэнньик туругунан ньиэби оҥорор собуоттартан Иркутскай уобалас Усть-Кут куоратыгар диэри массыына бэнсиини тиэйэн ыытыллар. Ол кэнниттэн уматыгы өрөспүүбүлүҕэ нефтебазаларыгар тиэрдиэхтэрэ. Ону таһынан, Томмот уонна Аллараа Бэстээх станцияларыттан автобензины таһаллар. Салгыы тиэхиньикэ уматыгын Саха сирин нефтебазаларыгар тарҕатыахтара. «Дьокуускайга 15 заправкалыыр ыстаансыйа үлэлиир: «Саханефтегазсбыт», «Туймаада Нефть», «СибОйл» уонна «Сервис Ойл». АИ-92 уонна АИ-95 мааркалаах бэнсииннэри эрдэ киллэриллибит лимиитинэн уу харчынан уонна баан каартатынан атыылыыллар», — диэн Яна Наумова бэлиэтээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. 🌲Ааспыт сууккаҕа 3 ойуур баһаарын умуруордулар Суукка устата өрөспүүбүлүкэҕэ 429 013 га уопсай иэннээх 3 ойуур уотун умуруордулар. Бу туһунан СӨ экологияҕа миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Күн бүгүн Саха сиригэр Мииринэй оройуонугар 288 927 га иэннээх биир ойуур баһаара умайар. Уот уустук суоллаах-иистээх сиргэ баар, хонтуруолга сылдьар. КЧС быһаарыытынан уот умуруоруу үлэтэ тохтотуллубут. Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Мииринэй оройуонугар ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ уһуллубута. Ол эрээри Саха сирин территориятыгар ЧС эрэһиимэ тохтуу илик. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. edited

    🚶🏻‍♀️Сунтаарга хотугу хаамыыга тэрээһин ыытылынна Балаҕан ыйын 12 күнүгэр Сунтаарга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт «Хотугу хаамыы биир кэлим күнэ» диэн тэрээһин буолан ааста. Сүрүн сыала-соруга: аҕам саастаах дьону чэгиэн-чэбдик олоҕу тутуһарга көҕүлээһин, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһар, бодоруһар кыахтарын хааччыйыы. Хотугу хаамыы - сааһы аахсыбакка ханнык баҕарар киһи кыайыан сөптөөх уонна туһалаах спорт көрүҥэ буолар. Тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга барда. Социальнай салалта салайааччыта Михаил Тимофеев эҕэрдэлээн, сонуннары кэпсээн, «үһүс саас оскуолата» үлэлиэҕин туһунан иһитиннэрэн үөрдүтэлээтэ. «Үрүҥ көмүс саастаахтарга» 1,2 биэрэстэҕэ күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар: 70 диэри саастаахтарга: 1 м - Саргылаана Егорова 2м - Капитолина Ильина 3м - Арина Павлова 70 үөһэ саастаахтарга: 1м - Любовь Иванова 2м - Светлана Петрова 3м - Светлана Дмитриева Барыта отучча кыттааччыттан саамай аҕам саастаах - 81-дээх Елизавета Догойдонова «шпагат» түһэн барыбытын сөхтөрдө, сэбиэскэй оскуола физкультураҕа гимнастикаҕа уруоктара хайдахтаах курдук үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттарын өссө төгүл дакаастаата. «Чэбдик» кулууптар хаамыы кэнниттэн эрчиллиилэргэ маастар кылаас көрдөрдүлэр. Бу курдук өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт улахан хамсааһыҥҥа кыттыһан санаабыт көтөҕүллэн тарҕастыбыт. Бу күн нэһилиэктэргэ эмиэ Хаамыы күннэрэ ыытылыннылар. Мария Васильева nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. 📺Бүгүн Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга «Прямой разговор» биэриигэ кыттыаҕа Ил Дархан Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга «Прямой разговор» биэриигэ кыттыаҕа. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Эпиир бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, киэһэ 16:00 чааска буолуоҕа. Биэрии кэмигэр 8 (4112) 32-02-02 нүөмэргэ эрийэн боппуруос ыйытыахха сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. 👏🏻Биир дойдулаахтарбыт ситиһиилэрэ Кытайга тэриллибит «Золотая площадь» бүтүн норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ Сунтаар Бүлүүчээниттэн «Айан» үҥкүү бөлөҕө (салайааччы Дария Фёдорова) 1 миэстэ буолан кыайыы көтөллөннө! Тускулаана nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. repost

    😊👏🏻«Имана» ойуулугунан ураты кистэлэҥ карточкалар уонна брелоктар таҕыстылар Карточкалары, брелоктары «Саха» НКИХ бастакы этээһиттэн (Орджоникидзе уул, 48 дь, 112 хос) эбэтэр «Токи Ноки» маҕаһыынтан (Петровскай уул, 8/1 дь) атыылаһыахха сөп. Өскөтүн эн алта сүрүн дьоруойу хомуйдаххына «Тооку» оҕо ханаалыттан бэлэхтэ тутуоххун сөп! @tookufest

  18. 🚘🛞АВТО-СТОЛИЦА Дьокуускай куорат төрүттэммит күнүн чэрчитинэн Доҕордоһуу болуоссатыгар сыллата ыытыллар «Авто-Столица» массыына бэстибээлэ дьон-сэргэ интэриэһин, болҕомтотун тарта. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 14 сентября (пн.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 07:58-Выборы-2026 12+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Репортаж 12+ 11:15-Году культуры и единства народов 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 6+ 13:15-Актуальное интервью 12+ 13:28-Выборы-2026 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:03-Полярная звезда 6+ 16:30-Выборы-2026 12+ 16:45-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара 12+ 17:15-Асчыттар 6+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Суорун Омоллоон уонна Суотту музейа. 1 ч. 12+ 18:45-Дойдум дьоно 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Актуальное интервью 12+ 19:28-Выборы-2026 12+ 19:30-Олох үөһүгэр 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Тиэргэн 12+ 21:30-Суорун Омоллоон. Айымньыга угуйар ыллыктар 12+ 22:15-Эр бэрдэ 12+ 22:45-Репортаж 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Олох үөһүгэр 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. Older posts