🖼️🎨Майаҕа оҕо ускуустубатын оскуолатыгар сокуону кэһиини сэрэтэр уруһуй куонкуруһун түмүгүн таһаардылар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Марина Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар сокуону кэһиини сэрэтэр уруһуй куонкуруһун түмүгүн таһаардылар. Оҕо ускуустубатын оскуолатыгар художественнай кылааска оҕолору 10 саастарыттан ылаллар. Үөрэнээччилэр оскуоланы бүтэрэллэригэр ойуулуур-дьүһүннүүр уонна декоративнай-прикладной ускуустуба төрүттэрин баһылыыллар. Уопуттаах преподавателлэр оҕолору биэс сылтан ордук сүрүн дисциплиналарга, ол курдук академическай уруһуй, живопись, станковай уонна декоративнай композицияны үөрэтэллэр. Ускуустуба устуоруйатын, скульптураны уо.д.а. үөрэтэллэр. Үөрэнээччилэр акварель, гуашь, пастель, арыы уонна араас графическай инструменнарынан үлэлииллэр. Оҕолор сылын аайы араас куонкурустарга кытталлар уонна бириистээх миэстэлэри ылаллар. Улуус баһылыгын солбуйааччыта Василий Филиппов уонна «Азбука» хампаанньа бэрэстэбиитэлэ Елена Николаева сокуону кэһиини сэрэтэр уруһуйдар куонкурус түмүктэринэн кыайыылаахтарга бэлэхтэри туттардылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 39 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 15 Sep 2026, 06:15 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 718 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.