🤩👏🏻Үөрүүлээх сонун: «Тооку уонна Чысхаан» ойуулук ТЭФИ-КИДС 2026 бириэмийэ финалыгар киирдэ «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа толору кээмэйдээх ойуулуга «Тооку уонна Чысхаан» 8-с төгүлүн ыытыллар бүтүн Россиятааҕы национальнай ТЭФИ-КИДС 2026 бириэмийэ «Лучший анимационный фильм для детей» анал аат финалыгар киирдэ. Саха ойуулугун кытта «Мульт» ханаал «Геройчики. Незваный гость» бырайыага уонна СТВ хампаанньа «Маракуда» үлэтэ бааллар. Түмүгү алтынньы 26 күнүгэр Москваҕа Et Cetera тыйаатырга ТЭФИ-КИДС 2026 бириэмийэ кыайыылаахтарын чиэстиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ биллэриэхтэрэ. Күүтэбит! Долгуйабыт! Кыайыы биһиэнэ буолуо диэн эрэнэбит! @tookufest