НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 37 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олохтоохтору кытта көрсүһүү таһаарыылаахтык ыытылынна. 🔹 Нуораҕанаҕа социальнай эйгэни сайыннарыы боппуруостарын — медицинскэй көмө туругун уонна тиийимтиэтин, оскуола үлэтин, оҕолоох ыаллары өйөөһүнү, ону тэҥэ үөрэх тэрилтэлэрин наадалаах каадырдарынан хааччыйыыны дьүүллэстибит. 🔹 Тумулга тыа хаһаайыстыбатыгар ураты болҕомтону уурдубут. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын кытта судаарыстыбаннай өйөбүл дьаһалларын, хаһаайыстыбалары сайыннарыы, бородууксуйаны батарыы уонна наадалаах тиэхиньикэнэн хааччыйыы туһунан кэпсэттибит. Ону сэргэ биһиги байыастарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөбүлүн дьүүллэстибит. 🔹 Төҥүлүгэ каадырынан хааччыллыы, учууталлары уонна эдэр исписэлиистэри өйөөһүн, оҕолорго, ыччакка сөптөөх усулуобуйаны тэрийии туһунан кэпсэттибит. Ону тэҥэ биэнсийэлээхтэри өйөөһүн боппуруостарын, социальнай төлөбүрдэри уонна тыа сирдэригэр дьон олороругар, үлэлииригэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ субсидия көрүллүүтүн дьүүллэстибит. https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

025050075015 Sep 03:1410 Nov 22:0673815 Sep 03:14: 0 views10 Nov 22:06: 738 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
15 Sep 2026, 03:140
10 Nov 2026, 22:06738

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.