Өлүөхүмэҕэ дьахтар отоннуу сылдьан ойуурга сүппүт Өлүөхүмэ улууһугар отоннуу сылдьан сүппүт дьахтары көрдүүллэр СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр. Балаҕан ыйын 9 күнүгэр дьахтар сүппүтүн туһунан иһитиннэрии оройуоннааҕыы биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспаҕа киирбит. 1953 сыллаах эр киһи уонна 1952 сыллаах төрүөх дьахтар тыынан Дельгэй сэлиэнньэтиттэн 50 килэмиэтирдээх Сосновка диэн алааска отоннуу барбыттар. Кэргэнниилэр отоннору хомуйарга арахсыбыттар, ол кэнниттэн дьахтар сүппүт. Эр киһи бэйэтэ көрдүү сатаабыт. Онтон кыыһыгар кэргэнэ сүппүтүн туһунан биллэрбит. Иһитиннэрии киирбитин кэнниттэн быыһыыр-көрдүүр үлэлэр саҕаламмыттар. Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Дьокуускайтан быыһааччылар этэрээттэрэ айаннаатылар. Көрдүүр үлэ салҕанар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube